Page 54 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 54

МОИСЕЙ ДМИТРИЕВИЧ ЕФИМОВ
                                      (1927—2010)


                                         Норуодунай  бэйиэт  Моисей  Дмит-
                                      риевич  киһи  быһыытынан  уратыта  —
                                      киэҥ  билиитэ,  ис-иһиттэн  үрдүк  кул-
                                      туура та,  сахалыы  дириҥ  өйө  итиэннэ
                                      дьүккүөрдээх  үлэһит  майгыта  суол-
                                      дьут  сулус  оҥосторбор  үтүө  холобу-
                                      рунан буолбута.
                                         М. Д. Ефимов 1927 сыллаахха атыр-
                                        дьах ыйын 4 күнүгэр Саха АССР Дьаа-
                                      ҥы  оройуонун  Дулҕалаах  сэлиэнньэ-
                                      тигэр төрөөбүтэ. 1953 сыллаахха Дьо-
                                      куускайдааҕы  педагогическай  инсти-
                                      туту  бүтэрэн  баран,  араас  сылларга
                                      «Эдэр коммунист» хаһыат отделын сэ-
             биэдиссэйинэн,  «Кыым»  хаһыат,  «Хотугу  сулус»  сурунаал  ли-
             тературнай  үлэһитинэн,  төрөөбүт  Дьааҥытын  оройуонугар
             учууталынан үлэлээбитэ.
                Моисей Дмитриевич литературнай нэһилиэстибэтэ тугунан
             да  кэмнэммэт  баай  үтүөлээх.  Ураты  тыла-өһө  уонна  олор-
             бут  кэмин  эндэппэккэ  билэрэ,  гражданственноһа  уонна  но-
             руокка  дьиҥ  чахчы  чугаһа,  бу  —  кини  айымньыларын  хаһан
             да  хатыламмат  ураты  бэлиэлэринэн  буолбуттара.  «Киирбэт
             күннээх  дойдуга»  диэн  маҥнайгы  поэтическай  хомуурунньу-
             га  1954  сыллаахха  күн  сирин  көрбүтэ.  Кини  хоһоонноругар
             киһини  толкуйдатар,  төрөөбүт  норуоппут  ааспыт  уонна  би-
             лиҥҥи кэмин сыаналаан көрөр холку философской санаалар
             элбэхтэр. «Төрөөбүт алааскын эн таптаа», «Суун сибэкки сии-
             гинэн», «Үрүҥ түүн» уо.д.а. хоһоонноругар муусука айыллан,
             норуот сөбүлүүр ырыалара буолбуттара.
                                                               Иван Мигалкин


             Ааҕыы, ырытыы
                                     МИН КҮҺҮҤҤҮМ

                           Аларым алтан аалыытынан бүгүн
                           Арылыйа сандаарыйан көрүстэ.
                           Махтанабын эйиэхэ, күндүл күһүнүм,
                           Мин сүрэхпэр үөрүү күлүмэ түстэ.

              54
   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58   59