Page 52 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 52

Кыайыытын айхаллаан, кырылас долгунун
                        Кытыыга охсоотун, төттөрү хомунна,
                        Сүүрүгүн мөлтөттө, долгунун уоскутта,
                        Хараарар чуумпуга бигэнэ долгуйда.



                    Тылбытын байытабыт

                   Өһөх — хаан бөлүөҕэ.
                   Кураайы — кураан, хаппыт-куурбут.
                   Дабыдал — кынат үөһэ өттө.



                    Ыйытыылар уонна сорудахтар
                1. Хоһоон сүрүн этэр идиэйэтэ тугуй?
                2. Ааптар Уу уонна Уот уобараһынан тугу ханалытан этэрий?
                3.  Бэйиэт  айымньы  сүрүн  санаатын  чопчулууругар  ханнык
                   уус­уран ньымалары туттубутун кэпсээҥ.
                4.  Бу хоһооҥҥо тутулунан эбэтэр ис хоһоонунан майгынныыр
                   атын  билэр  айымньыгытын  холобурдааҥ,  маарынныыр,
                   ураты өрүттэрин таба көрөн сыаналыырга дьулуһуҥ.



                    Тыыннаах тыл

                   Киһи  куттаах-сүрдээх  буоларга  түөрт  эйгэни  толору  баһы-
                лыахтаах.  Ону  түөрт  саха  буолуу  диэн  ааттыыллар.  Түөрт  эйгэ:
                буор, уу, салгын, уот. Буор эйгэни баһылаабыт киһини буор саха
                дииллэр. Уу эйгэни баһылаабыт киһини уу саха дииллэр. Оттон уот
                уонна  уу  эйгэлэрин  сахалар  хайдах  өйдүүллэрий,  ылыналларый?
                Айыы үөрэҕэр олоҕуран ырытарга холонуҥ.


                                                        АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ

                   А. Е. Кулаковскай­Өксөкүлээх Өлөксөй «Өй сүрэх икки мөк­
                күөрэ»,  Алампа  «Ытык  хайалар  кэпсэтиилэрэ»,  «Дьол  икки,
                сор икки» уонна Пётр Тобуруокап «Уу уонна уот» айым ньы­
                ларын тэҥнээн ырытыһыҥ.







              52
   47   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57