Page 49 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 49
4. Хата, ол баар сымыйа!
Хайдах киһи тулуйан
Ол курдук олоруоҕай
Уонна тыыннаах ордуоҕай?! — сиэн оҕо эһэтигэр тоҕо
итэҕэйбэтий? Оттон эһиги эбэлэргит, эһэлэргит «ньирэйку-
лун таҥастаах» дьон буола сылдьыбыттара дуо? Төрөппүт-
тэргититтэн ыйытыҥ, урукку хаартыскалары көрүҥ.
5. Мындыр эһэ сиэнин кытта кэпсэтиилэриттэн туох түмүккэ
кэллигит? Ырытыһыҥ.
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. Хоһоону «аҕалар уонна оҕолор» эбэтэр «көлүөнэлэр» бүппэт
мөккүөрдэрин кытта ситимнээҥ. Санааҕытын олоххутугар
буолбут түгэннэринэн бигэргэтиҥ.
2. Эргэ уонна саҥа диэн өйдөбүллэри билиҥҥи олоххо сыһыа-
ран ырытыҥ.
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
Талбыт тиэмэҕитигэр суругунан үлэтэ толоруҥ (эрэпэрээт,
иһитиннэрии, хаһыакка ыстатыйа уо. д.а).
1. Биллиилээх бэйиэт Бүөтүр Тобуруокап ырыа буолбут хо
һоон норо.
2. П. Н. Тобуруокап — оҕо суруйааччыта.
3. Пётр Тобуруокап юмористическай хоһоонноро.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
П. Н. Тобуруокап айымньыларыттан, «Поэзиялыын аргыс
та һан» диэн автобиографическай эссетиттэн бэ йиэт хоһоон
айар га туох сүрүн ирдэбили туруорарын булан ааҕыҥ. Ол ирдэ-
биллэргэ тирэҕирэн, хоһоонно айарга холонуҥ.
49