Page 93 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 93

Балтым кавалер буолан чыначчы тутунна уонна миигин куу-
         ґан баран, хоско эргитэн кулахачытта.
            — Хара  кістµµм…  Убай,  эн  жених  курдуккун,  —  онтон  ал-
         быннык кµлэр. — Бу киэґэ кими кытта танцылыыгын, ээ? Мин
         билэбин  кими  кытта  µІкµµлµµргµн.  Этэбин  дуо?  То±о  кытар-
         дыІ? Чэ, чэ кыыґырыма?
            — Бэйэ,  мэниктээмэІ  бачча  кыара±аска!  —  ийэм  таґыр-
         дьаттан  солуур  тутуурдаах  киирэн  иґэн  буойда.  —  Быылы
         кітµтµмэІ!
            — Мамуо, кір эрэ Кешаны, хайда±ый? Аа? — балтым, кини
         киэргэппит,  таІыннарбыт  курдук  туттан,  кини  а±ай  буолан,
         куукалкатынан  киґиргииринии,  ийэбэр  іІні  тоґуйда.  Ийэм
         мин  киэргэммиппин  кірін,  µірэн  мичийэ  тµстэ:  о±ото  бач-
         ча  улааппытын,  дьиІнээх  эр  киґи  са±а  буолбутун,  маанытын
         кірін.  Солуурун  уураат,  кэлэн  эмиэ  тула  кітті,  сиэхтэрбин
         имэрийэн кірді.
            — Искэр  тугу  эмэни  хаттан,  тымныйыаІ.  Итии  бачыыІка-
         ±ын кэттиІ дуо? АґаабытыІ дуо?
            — Ийээ, топпун, аґаабаппын, — диибин.
            Оонньууга  бараары  туран,  ама,  ким  иґигэр  ас  киириэй?
         Ийэм тугун эрэ умнубуттуу дуу, сµтэрбиттии дуу туттар. Мин
         сэрэйэбин: бада±а, эмиэ кыра эрдэ±инээ±им курдук сµµспµт-
         тэн сыллаан ылыан ба±арар буолуохтаах. Ол гынан баран бач-
         ча  мааны,  кинини  іІійін  кірір  улахан  киґини  хайдах  сыл-
         лыай? Мин, ийэм санаатын таайан, тіІкійін биэрэбин. Маня
         кµллэр кµллµн, наґаалаата±ына, кинини ба±ас тутан биэрдэххэ
         да±аны… Ийэм, олус µірэн, моонньубуттан хап-сабар куу ґаат,
         харса  суох  сыллаабытынан  барда  уонна  чахчы  дьолломмут
         кірµІнэннэ.  Мин  кінііт,  суос  бэринэн  Маня±а  эргиллэбин.
         Маня  тугу  да  саІарбакка,  бокуойа  суох  кµлэн  ыгыста-ыгыс-
         та,  хоґугар  тµґэр,  онтон,  туттуна-туттуна,  кµлэн  ыІыргыыра
         иґиллэр.
            Концерт  кэнниттэн  ыскамыайкалары  сайылаан,  сааланы
         µІкµµгэ бэлэмнээбиппит. Кулууп Машата дьаґайар. Уолаттар,
         биґиги,  ыскамыайкалары  сцена±а  таспыппыт,  сааланы  тігµ-
         рµччµ  тардан  олох  оІорбуппут.  Халдеев  Ванялаах  библио-
         текарь Даша салалтатынан кулууп уоттарын бэрийэллэрэ, кии-
         нэ  громкоговорителын  радиола±а  холбообуттара.  Кулууп  иґэ
         сып-сырдык буолбута, µІкµµ музыкатын тыаґынан туолбута.
            Биґиги,  оскуола  кірдірбµт  концера  табыллан,  санаабыт
         кінін  сылдьара.  Ол  да  гыннар,  µгэспитинэн,  дьон  кэннигэр
         саамай  хараІа  муннук  буолаарай  диэн  олорбуппут.  Биґиги

                                                                       93
   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98