Page 96 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 96

ыкса саІардыы тыллан эрэр уґуктаах тµістэр, чараас былаа-
             чыйа, музыка тыаґыгар дьµірэлээн аргыыйдык дугунар атах-
             тар…  Сµрэ±им  эмиэ  бµдµрµйбэхтээн  ылла,  мэйиим  эргийдэ,
             хара±ым хараІарда. Тутан иґэр илиим сал±алаата быґыылаах,
             µІкµµ тагыттан бутулуннум. Айта мин диэки ыйытардыы кірді.
             Мин айыылаах санаалары атын сиргэ µµрэн, холкутуйа сатыы-
             бын. Испэр хам баттаммат µірµµнµ таспар таґаарабын:
                — Олус µчµгэй!
                — Туох?  —  Айта  ійдіібіккі  (ійдµін  да  ба±арбат  дуу?),
             тымныынан  саба  ыґардыы  тоІуйдук  ыйытар.  «Туох  буолуой,
             биллэн турар, эйигин кытта µІкµµлµµр». Мин атыны, букатын
             атыны этэбин.
                — Баянист оонньуура.
                — Ээ… — Айта итэ±эйбэтэхтии эІээритэр уонна саарба±а-
             лаабыттыы этэр: — Буолуо, оттон мин радиоланы таптыыбын.
                Айта  эмиэ  атын  Айта  буолбукка  дылы:  сэрэнэн  кэпсэтэр,
             тоІуйдук  туттар,  уопсайынан  да,  улахамсыйбыт  кірµІнээ±э.
             Кыргыттар дьиибэ дьон — уларыйымтыалара тµргэнин. Айтаны
             сиґилии биллэ±им аайы кини тус-туґунан: оскуола±а, дьиэти-
             гэр, кулуупка.
                Кэпсэтии  ситимэ  быстар,  эмиэ  саІа  суох.  Ол  гынан  ба-
             ран кэпсэтиитэ суох дууґам µірµµнэн толору. Баянтан тохтор
             вальс алыптаах долгуннарыгар кітіхтірін, тохтообокко, ман-
             нык  бара  турбут  киґи.  Фауст  эбитим  буоллар,  мин,  арааґа,
             «Тохтоо, уґуу тµс, маннык тµгэн!» диэм эбитэ буолуо. Киґиэ-
             хэ ба±алаах кэрэ мµнµµтэлэр мэлдьитин тµргэнник ааґаллар,
             эмиэ ол кэриэтэ бу да вальс уґаабата±а. Ванялаах радиоланы
             оІоро охсубуттара: баяны баґыйан, киґи дійір тардьыгынас
             тыаґа  сааланы  толорбута.  ҐІкµµлээн  иґэр  пааралар  тохтуу
             тµспµттэрэ. Итини эрэ кµµппµт курдук, Айта элэс гынан хаал-
             быта. Мин миэстэбэр тіннµбµтµм.
                Ванялаах  балачча  кµµттэрэн,  араастаан  тардьыгынаппах-
             таан баран, саІа µІкµµнµ, шейканы, тыаґаппыттара. Аргылов
             уочарата.  Биґиги  бу  сырыыга  Дашалаах  Машаны  араарбып-
             пыт. Аргын Дашаны кытта «эрийсэр». Шейк — муода аат, омук
             киэнэ  буолла±а.  Ол  эрээри  мин  бу  µІкµµнµ  таптыыбын.  Ки-
             ниэхэ маннык туттуохтааххын диэн хааччах суох. Талбыккынан
             тутун,  талбыккынан  µІкµµлээ.  Этэргэ  дылы,  кіІµл  кірµлээ.
             Ол  иґин  дьон  характерын  бу  µІкµµттэн  эндэппэккэ  билиэххэ
             сіп  дии  саныыбын.  Мин  учуутал  эбитим  буоллар,  кулуупка
             кэлэн о±олор µІкµµлµµллэрин кэтэґиэм этэ. Кинилэри билэр
             сыалтан. Араастаан туттууттан-хаптыыттан мин бастаан кµлэр

              96
   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101