Page 98 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 98
ботох курдук, бэйэтиттэн арыый эрэ намыґах килэйээІки сон-
ноох уолу кытта кэпсэтэ турара. Мин килэйээІки сон санна
киґини дьиксиннэриэх олус кэтитин бэлиэтии кірін аґарбы-
тым.
Мордосов тібітµн лыкытан, саннын ыгдатан, боксёрдар-
дыы туттан, бастаан иґэн ачыкылаах уолу кµµскэ µтµрµйдэ.
Уол соґуйбуттуу эргиллэн кірбµтэ уонна:
— Осторожно! — диэбитэ.
— То±о талкайдыыгын?! — Бµіккэ, сирэйэ суох балыйаат,
уолга ынан кэлбитэ.
— Полегче, парень!
— Уолаттаар, ааґыІ, ааґыІ, — диэбитэ олус холкутук ки-
лэйээІки сон. — Тахсан дьэгдьийэн киириІ.
— Кэл, тахсыах, ачыкы! — диир быґаарыыта суох Бµіккэ. —
Куттана±ын дуо?
— Вас? — диир уол сэнээбиттии.
— Куттаммат буоллаххына, чэ, тахсыа±ыІ!
— Пошли, Боря!
КилэйээІки сон сібµлээбэтэхтии саннын ыгдах гыннарбыта
да, киґитин батыспыта. Кулууп µрдµк кирилиэґиттэн саІата
суох тµспµппµт. Кинилэр иккиэлэр, саастарыттан биґигит-
тэн балачча а±а быґыылаахтара. Туох идэлээхтэрэ биллибэт.
КилэйээІки сонноох уол санна олус кэтит. Ол эрээри биґи-
ги тірдµібµт. Мордосовпут — боксёр, Бµіккэ биґикки — тус-
туукпут. Ол Мордалаах Бµіккэ±э улахан куоґур буолла быґыы-
лаах, кирилиэстэн тµґээт, ынан тиийдилэр.
— Тугу киэбирэ±ин? — диэтэ Бµіккэ.
— Биґиги киммитин биллэриэхпит! — диэн, Морда саІа-
та иґиллэн эрэрэ баара да, ачыкылаах уол ата±а тырайбы-
тынан кирилиэскэ тиэрэ баран тµстэ. Мордосов хаІас илии -
тинэн апперкот биэрдэ. Ити кини киэн туттар охсуута. Ол
гынан баран, Мордосовка киэн туттар охсуутунан ірігійдµµр
тµгэн уґаабата±а — килэйээІки сонноох уол кинини охсо да
барбата±а, уолугуттан сулбу тардан ылаат, ірі ыйаан таґаар-
быта. Биґиги киґибит охсуґаары тарапачыґан кірбµтэ, ол
эрээри былыргы гректэр бухатыырдара Антей курдук сиртэн
тирэ±ин сµтэрэн, салгыІІа ыйанан, туґа тахсыбата±а. Килэ-
йээІки сон, кµлµµ гынардыы, балачча тутан турбахтаан баран,
кулууп кµлµгµнээ±и саІа ууллан эрэр кµрдьµктээх хаарга биґи-
ги киґибитин тібітµн оройунан батары бырахпыта.
— Јссі кимий? — кини суостаахтык ыйыппыта.
Биґигиттэн барыахха ба±алаах кістµбэтэ±э. Бµіккэ киирсиэ
98