Page 99 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 99

эбитэ буолуо, µімтэлээбэтэ±э, оттон мин тіттірµтµн, то±о эрэ,
         сібµлµµ санаабытым. Ол икки ардыгар кулууптан дьоннор тах-
         сыталаабыттара, интэриэґиргээбит сирэйдэр быгыаласпытта-
         ра. Охсуґуу бµппµтэ. КилэйээІки сон уолун туруоран кулуупка
         киллэрбитэ. Оттон биґиги киґибитин кµрдьµктэн орообуппут.
         Кини кыратык дійбµт этэ. Хара±ын тураах о±отун курдук тµІ-
         таІ  кірірі,  муннугар-айа±ар  симиллибит  хаары  силлиирэ-
         хаахтыыра,  сирэйин-хара±ын  сотторо.  Тіґі  да  дійдір,  охсу-
         ґууттан уоскуйа илигэ.
            — Намыґа±ын маІнай охсумунабын, — диэн кэмсинэрэ.
            — Лёнька, дьон кірµіхтэрэ, тур, барыа±ыІ, — диир Бµіккэ.
            Охсуґууттан  ірµкµйбµппµт  ааспакка,  омуннаахтык  кэпсэ-
         тэ-кэпсэтэ, быґылаан геройа Мордосов дьиэтигэр барбыппыт.
            Мордосов ийэтэ Варвара Николаевна, халаат кэтэн тахсан,
         биґигини эргиччи кірбµтэ. Тугу да сэрэйбэтэ±э. Онтон Лёнь-
         ка±а эргиллэн:
            — Бачча тухары ханна сырыттыІ? Саатар, киэґэ аґылыккын
         кэлэн аґыыр буолуоххун, — диэбитэ.
            — Біґµілэккэ сырыттым, онно аґаабытым.
            — Аччыктаабыт буоллаххытына, буфеттан ылан аґааІ, олус
         айдаарымаІ.  А±аІ  утуйа  сытар,  —  диэт,  кини  хоґугар  киир-
         битэ.
            Лёнька  дійбµтэ  букатын  ааспыт  этэ,  биґигини  куукуна±а
         ыІырда.  Буфеттан  бэрэски,  халбаґы,  алаадьы,  дырыһааҥкы,
         килиэп  ылан  аґаан  барбыппыт.  Бырааґынньык  аґа  быґыы-
         лаа±а.  Онтон  Морда  хара±ынан  имнэннэ,  сімµйэтинэн  уоґун
         саба  тутунна  уонна  холодильниктан  кыґыл  арыгы  ойутан  та-
         ґаа ран µрµµмкэлэргэ кутуталаата. Ґнµрµµн сµрэхпин астарбы-
         тым ааспатах этэ, мин испэтэ±им. Арыгыны кірііт, а±ынньым
         тіллµбµтэ.
            — Хайа, эн? — Морда соґуйбуттуу миигин кірді.
            — Суох.
            — То±о?
            — А±ынньым тіллір.
            — Па, уонна эр киґи дуо? — Бµіккэ бэрэскини айа±ын то-
         лору уоба-уоба кэлэйбиттии саІарар.
            Бары миигин сиилээбиттии кіріллір. Мин, эр киґи буолаа-
         ры,  µрµµмкэни  биирдэ  хантас  гыннарабын.  Кµімэйим  тірдµ-
         гэр  туох  эрэ  бµілµµ  биэрэр,  тута  суунар  тааска  ыстанабын
         уонна  барытын  тіттірµ  таґаарабын.  Куґа±аныан!  Остуолга
         тіннµбµтµм,  кэпсээн-ипсээн  ырааппыт  этэ,  миигин  олох  да
         умнубуттар.

                                                                       99
   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104