Page 95 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 95

Араардахпыт  диэн  суолтата  маннык:  биґиги,  уолаттартан
         µгµстэрэ,  хаґан  да  дьон  кірін  олордохторуна,  киэІ  сааланы
         ортотунан  туораан  тиийэн,  кыргыттары  ыІырартан  дьулайа-
         быт. Арай онно туран кыыґыІ аккаастаан кэбистин. Ол иґин
         µІкµµлээн истэхтэринэ, сааланы эргийэн биґиги туґаайыыбы-
         тыгар кэлиилэригэр сібµлµµр паарабытын арааран µІкµµлээч-
         чибит.  Кыргыттар  утарбаттар.  Арай  хантан  эмэ  саІа  кэлбит
         іттµлэрэ барсыбат, аккаастанар идэлээхтэр.
            — Сіп, — диибин киґим хорсун сирэйин ордугургаан одуу-
         луу-одуулуу. — Кимнээ±и араарабыт?
            — МаІнай эн тал, онтон мин.
            — Сіп.
            Манна оскуола буолбатах, мин Мишабар баґыйтаран, «сі-
         бµ» эрэ кытта сылдьааччыбын. Ол икки ардыгар били кулууп
         иґэ  барыта  доргуйан  олорор  тыаспыт  эмискэ  мэлис  гынан
         хаалла,  громкоговоритель  хам  барда,  туохпут  эрэ  быґа  сы-
         тыйда.  Халдеев  Ванялаах  онно  сµµрдµлэр.  Куруутун  буолар
         тµбэлтэ. Машалаах Даша онно кыґамматтар, биґиги бары да
         кыґаллыбаппыт. Хаґан да аккаастаабат баяммыт бэлэм уонна
         куруутун  бэлэм  вальсын  оонньоото.  Мин  бу  саамай  таптыыр
         µІкµµм, кинини µІкµµлµµртэн кыбыстыбаппын. Маннык тµбэл-
         тэни мµччµ туттумуохха. Ґксµгэр маІнайгы µІкµµлэртэн бµтµн
         киэґэ  тутулуктанар.  Бастаан  барбатаххына,  хойутаан,  кыбыс-
         тан,  былдьатан,  уґун  киэґэни  быґа  туран  тахсыаххын  эмиэ
         сіп. Мин кірµгэспин, барытын киллэрэн кірібµн-истэбин. Оол
         кини дуу, уґун кµікэйбит моой, атын дуу? Кини! Дьолго, кыыґы
         кытта µІкµµлµµ сылдьар. Сµрэ±им битигириир, тэґийбэтэхтии
         тэпсэІниибин. Бу кэллилэр. Аргыловка имнэнээт, бастыыбын
         уонна Айталаах эргийэн бµтµµлэригэр иннилэригэр турунабын.
         Киэмсийбиттии уоґун µмµрµччµ туттубутунан Айта илиитин мин
         илиибэр уурар.
            Дьикти саас! Кынаттаах о±о саас! Дууґа±а толору кутуллар
         баян  кімµс  дор±оонноро  биґигини  кынаттыыллара.  Атахтар-
         быт  сири  билбэттии  кітіллірі.  Уйусханнаах  эдэр  саас  эр-
         чимнээх  эргийиитигэр  до±отторуттан  арахсыбыт  хара  сµµмэх
         Айта тігµрµк кыракый сµµґµттэн халтарыйан ааґар. Айта олус
         чэпчэкитик µІкµµлµµр. Музыка араастаан иэ±иллэр имэІнээх
         эйгэтигэр  кини  кулуґуннуу  кіні,  дьылыгырас  бэйэтэ  бµттµµн
         бэринэр.  Санныбар  уурбут  чэпчэки  илиититтэн  эриэккэс  сы-
         лаас эппэр таргыыр. Мин маннык дьулааннаах чугастан эмиэ
         Айта сирэйин кірібµн. Харахтарым тэтэрбит имнэриттэн, сэ-
         гэйбит уоґуттан халтарыйаннар, аллара тµґэллэр: мин тµіспэр

                                                                       95
   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100