Page 94 - Литература 11 кылаас 2 чааhа
P. 94
µгµспµт маІнайгы µІкµµнµ кітµтээччи. Кырдьыгын эттэххэ,
сырдык саала±а дьон барыта кірін олордохторуна, бастаан
µІкµµлµµр гына µчµгэйдик билэр киґи суо±а. Толяттан, Аргыт-
тан уратылар. Бэрт µгµстэр, ханнык да µІкµµ буоллар, мэнээк
тэпсэІнэґэр, бэдьэІнэґэр этибит. Биґиги чуолкайдык билэр-
гэ холунарбыт вальс эрэ уонна Машалаах Даша µірэппит шей-
калара. Шейканы син барарбыт.
Солбуйааччы председатель Максим Егорович Людмила
Сергеевналыын µІкµµнµ са±алаабыттара. Иккис паара — би-
ґиги директорбыт кэргэниниин. Вадим Николаевич ыараабыт,
мідііт этэ да, туттарыттан сыаналаатахха, уруккута куґа±ана
суох µІкµµґµт кірµІнээ±э. Бырааґынньыкка µірбµтэ таґыгар
кістµбэт, куолутунан, олус дуоспуруннаахтык туттуна сылдьа-
ра. Саала±а бииртэн биир паара киирэн испитэ.
Мин аттыбынан Людмила Сергеевналаах эргичийэн кула-
хачыйан ааспыттара, ханнык эрэ биллибэт духи сыта мун-
нубар саба биэрбитэ. Биґиги Актрисабыт бэйэтигэр олус
барар сырдык былаачыйалаах, µрдµк хобулуктаах тµµппµлэ-
лээх. Электричество уотугар кини іссі маІхайбыт, былыргы
греческэй таІаралар курдук мраморнай кірµІнэммит. Арай
мунна эрэ ол таІаралар киэннэриттэн намчы. Солбуйааччы
мичээрдии-мичээрдии тугу эрэ кірдіі±µ кэпсиир, Актриса
туттуна кµлэр. Мин кинилэри батыґа кірібµн. Доруобай, тус-
туук кірµІнээх Солбуйааччы чэпчэкитик µІкµµлµµр. МаІнай
утаа, то±о эрэ, мин хара бараан µскэл Солбуйааччы сатаа-
бакка бутуллан, партнёршатын ата±ын быґа µктээн, кыбыстан
уурайда±ына да±аны сирбэт санаалаа±ым. Ол иґин кини хас
хамсаныытын итэ±эйбэтэхтик, кыра±ытык кэтэґэ олорбутум.
Солбуйааччы биґиги курдук биирдэ да бутуллубата±а, Актри-
саны бэрт сэрэхтээхтик, ол эрээри холкутук уонна сымсатык
илдьэ испитэ. Уґугар мин тартаран, кинилэр хас хамсаныы-
ларын барытын сібµлээн кірі олорорбун ійдіін хаалбытым.
Ким эрэ санныбыттан тайаммытыгар ірі кірі тµспµтµм,
«дьукаа±ым» Аргы Миша кэлэн турара. Кулууп бастыІ µІ-
кµµґµтэ буолан, Миша оскуола±а сылдьарынаа±ар кулуупка
букатын атыннык, сытыытык, сирэйэ-хара±а уґуктубуттук тут-
тунан сылдьара.
— Хайа, кырдьа±ас, эн эмиэ µІкµµлээри олоро±ун дуу?
— Мин эмиэ µІкµµлээри олоробун, — диибин мин, кини
сэниирдии кэпсэтэр туонун сібµлээбэккэ олорон. Аргы, хата,
ону эрэ дьыалайбат.
— Хата, дьэ, кыргыттары араардахпыт.
94