Page 53 - Саха тыла 8 кылаас
P. 53

Бы´аарыы барамай дьμ´μнμн, бы´ыытын, ахсаанын, туох
уратылаа±ын чопчулуур, х а н н ы к ? х а й д а х ? х а с ? т у о х -
т а а х ? т у о х ? х а ´ а а ² ² ы ? х а н н а а ± ы ? о.д.а. ыйытыыга
хоруйдуур.

     Этиигэ араас са²а чаа´а бы´аарыы буолар.

              Холобур   Ыйытыы                 Бы´аарыы бэриллиитэ

көмүс биһилэх           т у о х биһилэх?       аат тыл
кыһыл былаах            х а й д а х былаах?    да±аа´ын аат
сэттэ кыталык           х а с кыталык?         ахсаан аат
кини дьиэтэ             к и м киэнэ?           солбуйар аат
аһаабыт иһит            х а й а а б ы т иһит?  аат туохтуур
эргэрэн хаалбыт сон     х а й д а х сон?       тыл ситимэ

     Этиигэ хас да тус-ту´унан бы´аарыы сэргэстэ´э сылдьыан с³п.
     Холобур: Унньуктаах уһун түүннэр үүннүлэр. Х а н н ы к түүннэр?
уһун түүннэр. Х а н н ы к уһун? унньуктаах уһун.

     Толоруу кэпсиирэттэн тутулуктаах, ойо±ос түһүк ыйытыыты-
гар хоруйдуур. Толоруу икки араастаах: к³н³ толоруу хайанар
барамайы бэлиэтиир, тугу? диэн ыйытыыга хоруйдуур. Онтон
атын ыйытыылаах ойо±ос түһүккэ турар толоруу ойо±ос толо-
руу буолар.

     Этиигэ араас са²а чаа´а толоруу буолар.

               Холобур                Ыйытыы             Толоруу
                                                      бэриллиитэ
алаадьы астыыр          т у г у астыыр?
маста мастаа            т у о х т а мастаа?        аат тыл
тымныынан аҥылыйар      т у г у н а н аҥылыйар?    аат тыл
иккиһи бμтэрдим         х а с ы һ ы бμтэрдим?      аат тыл
эйигиннээ±эр түргэн     к и м н э э ± э р түргэн?  ахсаан аат
кэлбиккин истибитим     т у г у истибитим?         солбуйар аат
                                                   аат туохтуур

     Этиигэ хас да тус-ту´унан толоруу сэргэстэ´э сылдьыан с³п.
     Холобур: Маня куттанан миигин сиэхпиттэн күүскэ тардыалаабыта.
Кими тардыалаабыта? миигин; туохтан тардыалаабыта? сиэхпиттэн.

                                                                  53
   48   49   50   51   52   53   54   55   56   57   58