Page 55 - Саха тыла 8 кылаас
P. 55
Ким? — Хара Бытык, туһаан.
Тугу гынна? — төгүрүйэн көрдө, ыйда, биир уустаах кэпсиирэлэр.
Тугу ыйда? — муннугу, толоруу.
Ханнык муннугу? — биһиги өттүбүтүгэр баар хаҥас, быһаарыы.
Тугу төгүрүйэн көрдө? — ампаары, толоруу.
Хайдах төгүрүйэн көрдө? — аргыый аҕай, сэрэммит киһи быһыы-
тынан, буолуу сиһилиитэ.
1. Лаппычах киһи, бэргэһэтин төрдүттэн хастыы тардан, биһиги тас-
пыт диэки элиттэ. 2. Алтынньы 8 күнүгэр «Медиа-Кииҥҥэ» учууталлар,
оскуола уонна төрөппүт түмсүүлээх саҥа сокуону дьүүллэһии мунньаҕа
буолан ааста. 3. Ити кэмҥэ омугумсуйууну утары охсуһуунан сирэй-
дэнэн, саха үтүө дьонун аатын-суолун хараардыы үгэннээн турара.
4. Күөрэгэйэ суох алаастар, чыычааҕа суох ойуурдар. 5. Лэгэнтэй ос-
туолга турар чаанньык тумсуттан сойбут чэйи ыймахтаата. 6. Фроҥҥа
барбыттартан бэрт аҕыйахтар тыыннаах эргиллибиттэрэ. 7. Ыйаахха
олохтоммут ыһыах күнэ — бэс ыйын 21 күнэ.
Хо´уласпыт бμтэй дор±оонноох тылы аннынан тарды².
80. £с номоҕун, өс хоһоонун ситэрэн суруйу². Ба´ылыыр тылтан
ыйытыы туруоран, этии ханнык чилиэнэ к³ппμтμн эти².
1. Ох курдук оҥоһунна, … курдук …. 2. Онноо±ор үүнэр мас … -…. 3.
Сутуругар сокуоннаах, … …. 4. Баай бардам, … … 5. Тыалынан киирбит
…. 6. Былыргыны былыт саппыт, … … суурайбыт. 7. Ыстаабыккын эрэ-
нимэ, … эрэн. 8. Бэлэһигэр … иннэлээх.
81. Икки быһаарыы сэргэстэһиитин бол±ойуҥ. Хайата инники
туруохтаа±ын тугунан сирдэтэбитий?
Сырдык сааскы са±ах. — Сааскы сырдык са±ах.
1. Минньигэс убаһа этин атыыластылар. 2. Айанныыр ыйдаа±ы би-
лиэт сыаната үрдээбит. 3. Ааптар ыйынньыгар барыта 291 Саха сирин
көтөрдөрүн көрүҥүн киллэрбит. 4. Дьокуускай куоракка «Азия о±олоро»
V оонньуу үрдүк таһымнаахык ааста. 5. Ыксаллаах улахан балаһыан-
ньа суох. 6. Оспот сүрэх бааһа. 7. Тымныы кыыдаан кыһыммыт кэллэ.
8. Маҥан аламай күн үүммүтүнэн! 9. Эдьиийим солко күөх былаачыйа-
тын кэттэ.
55