Page 56 - Саха тыла 8 кылаас
P. 56
82. Сиһилиини сөптөөх сиргэ илдьиҥ. Ханан туруохтаа±ын тугунан
быһаарабыт?
1. Дьон тута ыалдьыттар кэлбиттэрин билэ охсон кулуупка муһунну-
лар. 2. Кыайан үрдүк үөрэххэ үөрэммэтэхпин кэмсинэбин. 3. Тиһигин
быспакка дьон-сэргэ бол±омтотун тардар ыстатыйалары бэчээттиир.
4. Былырыын олус ардах түһэн, үүнээйибит санаабыт курдук элбэхтик
тахсыбата±а. 5. Билигин бу аппараатынан номнуо тохсунньу 12 күнүт-
тэн үлэлээн эрэллэр. 6. Бу сыыппаралартан ким ордук уубутун киртип-
питэ көстөр.
ЭТИИ ЧИЛИЭНИН ИСТИЛИИСТИКЭЛИИ УРАТЫТА
Ханнык да тылга майгыннаһар суолталаах этии чилиэнин тут-
туу көстөөччү. Саха тылыгар этии араас чилиэнин нуучча тылын
туруору тылбаастаан туттар үөрүйэх элбээтэ. Ол төрүөтэ этии
чилиэнэ эбии сэмсэ суолталааҕа буолар. Холобур: Балык мин
эмиэ таптыыр астарым ахсааннарыгар киирэрэ (туруору тылбаас
этии). — Балыгы мин эмиэ сөбүлээн сиир аһым (төрүт уус саха-
лыы этии).
Тыллар курдук, этиилэр эмиэ синиэньимнэһэн туттуллуохта-
рын сөп: Аатыҥ кимий? — Ким диэн ааттааххыный? — Кимтэн
кииннээх, хантан хааннаах буола±ыный? Бу түбэлтэ±э этии ис
хоһооно буолбакка, истиилэ уларыйар. Көннөрү кэпсэтии тылыт-
тан үрдүк уус-уран дэгэттээх этиигэ кубулуйар.
83. Дьыала истиилин этиитин көннөрү кэпсэтии тылыгар көһө-
рөн устуҥ. Холобур: Улуус эдэр баһылыктара сүбэлэрин хол-
боон, сэбиэт тэринэр соруктарын олоххо киллэрбиттэр. —
Эдэр баһылыктар бары сүбэлэһэн, сэбиэт тэриммиттэр.
1. Кыайыы болуоссатын устун Улуу Кыайыы бэтэрээннэригэр мах-
талларын биллэрэн, сибэкки дьөрбөтүн тутан дэлэгээссийэ хаамыы-
тын са±алаата. 2. Мэҥэ Хаҥаласка бултуу барбыт дьон уокка былдьа-
ныылара бэлиэтэнэн, улахан быһылаан та±ыста. 3. Уоту биэрии уонна
сибээһи хааччыйыы тиһигэр эмиэ бө±өргөтүү үлэлэрэ, ууну хачайдыыр
носуостары бэрэбиэркэлээһин ыытыллыа±а. 4. Халаан уутуттан эмсэ-
±элээбиттэргэ матырыйаалынай уонна үп-харчы өттүнэн көмө оҥоһул-
лара күүтүллэр.
56