Page 128 - Саха тыла 9 кылаас
P. 128
Үгэх. Балаҕан дьиэҕэ оһох кэннинэн быстахха үүтү, аһы-үөлү уурар
кыракый хос.
Үөрэҕэс. Туох эмэ (мас, улахан балык) туора быһыллыбыта.
Үөттүрэх, эргэр. Оһох уотун булкуйар мас.
Үтүрүм. Икки эбэтэр хас да сыл субуруччу төрөөбүт ынах.
Хаарыс. Таҥас аата (гарус).
Хампа, эргэр. Кытайга оҥоһуллубут солко, күндү таҥас (канфа).
Хараан. Олус чуумпу уонна сылаас (сайыҥҥы киэһэ, түүн).
Хордоҕой. Уһун ньолбуһах, үрдүк хонуу сир.
Хорчуоппа, түөлбэ. Ыһыахха олохтоохтор аһы-үөлү тэрийэн атыы-
лааһыннара.
Хохту. Сайын сиикэйдии хаппыт мунду.
Чаадай. Кыайан улааппатах олус намыһах уҥуохтаах киһи (үксүгэр
үөҕэн этэргэ).
Чаан. Олус улахан олгуй.
Чакыр. Туртаҕар (ордук сылгы, ынах муннун, муоһун, туйаҕын этэр-
гэ)
Чохоо. Чааскы кэриэтэ кыра иһит.
Чөчөгөй. Үүт үрдүн холбуйан ылбыт кэннэ хаалар үүт былаастаах
сүөгэй (сливки).
Ымыйа, эргэр. Улахан чороон.
Этэҕэ. Уу үөнэ.
128