Page 127 - Саха тыла 9 кылаас
P. 127
Өнөр. Түргэнник улаатымтыа, торолуйумтуо.
Өҥкөөт. Өрүс, үрэх уутун өҥөйөн турар үрдүк туруору сыыр (үксүн
хоту хайыспыт).
Өркөн. 1. Күн сардаҥалара. 2. Өрүү сырдык, өлбөөрбөт.
Өртүк. Дьиэ чугаһыгар сүөһүнү хаайан аһатар күрүөлээх мэччирэҥ
сир.
Өттүк. Киһи-сүөһү уллугун уонна биилин ыккардынааҕы миэстэтэ,
самыытын ойоҕоһо.
Саадьаҕай. Сиһин устунан лаппа биллэр үрүҥнээх (ынах, көтөр
дьүһүнүгэр).
Саалыр. Харатыҥы сиэллээх, кутуруктаах саһархай бороҥ (сылгы
дьүһүнэ).
Саар тэгил. Орто уҥуохтаах бигэ-таҕа, модьу быһыылаах (киһи).
Саһаан, эргэр. Уста кээмэйэ, 2,134 м тэҥ (сажень).
Сарыал. Күн сарсыардааҥҥы, киэһээҥҥи сардаҥалара. Кытархай
уот.
Силгэ. Киһи-сүөһү уҥуохтара сүһүөхтэринэн холбоһууларын тутар
иҥиир.
Силээн. Сис тыаттан үрэх, өрүс кытылыгар киирэр, сайын кууран,
кырыһырар ыарҕалаах аппа сир.
Сурт. Көс олохтоох дьон быстах кэмҥэ тохтоон, олорон ааһар олох-
торо. Сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх.
Сыымах. Кыралаан, сыыйан курдук, өлгөмө суох.
Сэбэһэ. Сиэлтэн хатыллыбыт быа.
Сэксэ. Үөл мас лабаата.
Таай. 1. Киһиэхэ ийэтин аймаҕа эр киһи. 2. Тугу эмэ таай, билгэлээ.
Тааҥ. Күөл, үрэх мууһун үрдүнэн халыйбыт уу.
Таталҕа. Ындыыны бүтүннүүтүн үрдүнэн быанан бобо тардан кэл-
гийии.
Торҕо, эргэр. Күөх өҥнөөх таҥас.
Туона. Муҥханы биирдэ түһэрии устата (тоня).
Туут. Хоччорхой түүлээх тириинэн бүрүллүбүт кэтит хайыһар. Тыаҕа
туут хайыһарынан сылдьан бултуубун.
Тумара. Тайҕа ортотугар талахтаах киэҥ маар сир.
Түҥүр. Күтүөт эр дьон аймахтара. Аҕам түҥүрэттэригэр барда.
Убаһа. Күһүн хаар түһүүтүгэр тиийбит кулун (биирин туолуор диэ-
ри).
Уккунньах. Уокка умуллан хаалбатын диэн, уган кэбиһэр улахан мас
(хол. чөҥөчөк, дүлүҥ).
Уччуй. Дойдугуттан эбэтэр дьиэҕиттэн мээнэ ускул-тэскил сырыт.
127