Page 126 - Саха тыла 9 кылаас
P. 126

Дьара. Ууга чычаас сир.
     Дьоруо. Ат хаамарыгар, сиэлэригэр атаҕын наар (икки хаҥаһын
эбэтэр икки уҥатын тэҥҥэ) ылан үктүүрэ.
     Идэһэ. Бэйэ сииригэр анаан өлөрүллэр сүөһү.
     Иинэҕэс. Хаппыт-куурбут, этэ-сиинэ суох.
     Ииспэрэй. Элбэх үлэлээх, наһаа бириинчик, олус уустук.
     Ил. Эйэлээх буолуу, бэйэ-бэйэҕэ үчүгэй сыһыан.
     Илгэ. Баай-дуол, быйаҥ, уйгу, өҥ-тот, байылыат.
     Иринньэх. Мөлтөх доруобуйалаах, ыарытыган.
     Көрдүгэн. 1. Сири аннынан сиэн барар уот. 2. Уот сиэбит сиригэр
дьоҕус дириҥ көлүйэ.
     Көччөх. Күһүн саҥа көппүт кус оҕото.
     Кунан. Үс-түөрт саастаах эдэр оҕус.
     Куҥ. Уҥуоҕа суох (эт).
     Куорсун. Көтөр кынатын эбэтэр кутуругун бөдөҥ түүтэ.
     Курбуһах. Киһи-сүөһү самыытын үөһээ өттө.
     Куруҥ. Хаппыт мас, хаппыт мастаах ойуур.
     Күндэ. Дьэҥкэ, ыраас уулаах күөл.
     Күөн. Туох эмэ түөһүн илин өттө, иннэ.
     Күөнэх. Мундутааҕар кыра, сырдык дьүһүннээх балык.
     Кычым. Ыҥыыр икки өттүнэн ат ойоҕоһун сабар таҥас.
     Миҥэ. Айааһаммыт, мииниллэр ат.
     Модьоҕо сыыр. Туруору үрдүк сыыр.
     Муунта, эргэр. Ыйааһын кээмэйэ, 400 г (фунт).
     Мэһэмээн, эргэр. Кыра туос иһит, кыра чабычах.
     Ньамах. Бадараан уонна салахай булкуспута; инчэҕэй кир-хох.
     Ньилбэк. Киһи буутун илин өттө; сүөһү илин атахтарын тобугуттан
үөһээ өттө.
     Ньүкэн. Түҥкэтэх, чобуота суох, кэнэн, килбик (киһи).
     Ньылба. Итэҕэс төрөөбүт ньирэй эбэтэр кулун.
     Ойуһар. Үс саастаах атыыр тайах.
     Оккураҥ. Ситэ сайдыбатах буолан мөлтөх.
     Окумал. Киһи-сүөһү харытыттан үөһээҥҥи сүһүөҕэ (киһиэхэ — то-
ҕоноҕуттан бүлгүнүгэр, отто сүөһүгэ бүлгүнүттэн саннын уҥуоҕар диэ-
ритэ).
     Омоон. Туох эмэ барбах көстөр барыла.
     Ороһу. Хойутаан төрөөбүт, онон улаата илик.
     Очур. Кыра томтор, боллох, тэхтир.
     Өксүөн. Тыаллаах-куустаах, хаар былаастаах күһүҥҥү самыыр.
     Өнньүөс. Өрүс, үрэх хочотугар уһун синньигэс уулаах хотоол, сы-
рыынньа эниэлээх үрэх.

126
   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131