Page 91 - Саха тыла 9 кылаас
P. 91

45 сылын бэлиэтиир күҥҥэ Кириэстээххэ сүүһүнэн киһи сүргэтэ кө-
төҕүллэн көрсүбүтэ, остуол тула олорон ааспыт кэмнэрин ахтыбыттара.

     Билигин Мииринэй — киэҥ сири тайаан сытар балачча улахан улуус.
Олохтоох сахалар, эбэҥкилэр сүнньүнэн Арыылаахха, Таас Үрэххэ,
Сүлдьүкээргэ олороллор. Куоракка араас эйгэҕэ сахалар син элбэхтэр.
Ордук бу кэнники кэмҥэ улуус дьаһалтатыгар эдэр, кэскиллээх саха
ыччата араас тэрилтэҕэ үлэлээн, биллэн-көстөн эрэр.

     Мииринэйгэ саха култууратын, ускуустубатын, литэрэтиирэтин би-
линэллэр. Куорат оскуолаларыгар саха тылын, болкулуорун, бэл, олоҥ-
хотун кытта үөрэтэллэр. Сунтаар улууһун олох-дьаһах-экэниэмикэ уон-
на духуобунай эйгэтигэр Мииринэй куорат көмөтө эмиэ улахан…

     Оттон мин бүгүн атынтан долгуйан турабын. Алмаас бырамыыса-
лыннаһа ааспыт кэмиттэн уонна Ньурбаҕа баай алмаастаах саҥа сир
Накыын көстүбүтүттэн миэхэ, саха киһитигэр, Бүлүү сүнньүгэр олорор
айар үлэһиккэ, араас санаалар киирэллэр. Биллиилээх бэйиэт Евгений
Евтушенко 1967 сыллаахха суруйбут хоһооно тоҕо эрэ өйбөр охсуллан
кэлэ турар:

                                       На Земле, драгоценной и скудной,
                                       Я стою покорителей внук,
                                       Где замерзшие слезы якутов
                                       Превратились в алмазы от мук…

     Саамай улахан иэдээҥҥэ Туой Хайа, Садын олохтоохторо түбэс-
питтэрэ. Бу алмаас бырамыысыланнаһа үөскүүрүн туһугар төрүт уус
сирдэрин-уоттарын толук уурбут дьон буолаллар. Кинилэр аны хаһан
да ийэ буордарыгар үктэммэттэр. Төрөөбүт дьиэлэригэр киирбэттэр.
Ийэлэрин-аҕаларын уҥуоҕун көрбөттөр. Барыта дириҥ далай муора
анныгар хаалбыта. Ол сиргэ билигин уу ньуура эрэ мэндээрэ сытар.

     Икки сыллааҕыта Туой Хайаҕа «Чуона кыыһа» диэн сүдү пааматын-
ньык-өйдөбүнньүк туруоруллубута. Ону «Новай» сопхуос дириэктэрэ,
ити дойдуттан төрүттээх Спартак Васильевич Андреев көҕүлээбитэ.
Бүлүү муоратын үрдүнэн көтөн иһэн көрдөххө, 7 миэтэрэ үрдүктээх, чо-
роҥ соҕотох туран хаалбыт Чуона кыыһа барахсан үрдүк мэҥэ халлаан
диэки хайыһан, икки илиитин быластыы уунан, иэйэн-куойан эрэргэ
дылыта…

     Пааматынньык аһылларыгар үгүс киһи хараҕын уута тахсыбыта, туо-
раттан сылдьар киһи көрөрүгэр дьулаан этэ.

                                       Ханна кэллим бу, хайа,
                                       Хаарыан дойдум, Туой Хайа,
                                       Сүрэх, дууһа айманар,
                                       Оҕо сааһын сайыһар…

                                                                                                                         91
   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96