Page 94 - Саха тыла 9 кылаас
P. 94

диэбиттии ылан, быһан оҕотугар бэристэ уонна бэйэтэ сиэн киирэн
барда. Марба эт сууламмыт отун кытта сиэх курдук аччыктаабыт эбит.

     — Хайа, бу чаанньыгыҥ кыынньа дуо?
     — Кыынньа ини.
     — Чэ, кут.
     Марба дьэс чаанньыгы остуолугар аҕалан, эригэр хара чэйи кутан
биэрдэ.
     — Үүтүҥ?
     — Үүт суох, ынаҕым бэҕэһээ, бүгүн ыаппата.
     — Хара чэйинэн олорорбутугар тиийдэхпит ол дуо?
     — Хара чэйинэн буолумуна, хантан үүттээн иһээри гынныҥ?
     — Ханнык дьахталлар ынахтара кыһы быһа ыаталлара эбитэ буолла, —
диэтэ Байбал, кыыһыран чэйин испэккэ, баран оронугар тиэрэ түһэн сытта.
     — Кыһы быһа ыатар ынахтаах дьахталлары булан ылбакка миигин
тоҕо булан ылбыккыный? — диэтэ ойоҕо.
     — Булгу сытыйаҥҥын, аанньа ыабаккаҕын уолларан кэбистэҕиҥ дии…
     — Эн да бааргын дии, тоҕо ыабатаххыный, сирэйиҥ-хараҕыҥ дьа-
баччы сытыйан баран.
     — Эн мин сирэйбиттэн-харахпыттан иҥнимэ… <…>
     Чыычаах аҕатын кэһиититтэн сиэн, санаата көнньүөрэн, кыһалҕата
суох холумтаҥҥа өйөнөн туран, тымтыгынан оонньуур.
     Байбаллаах Марба олорбуттарын былааныгар ситиччэ улаханнык
иирсэ илик этилэр, онон Байбал кыыһырбыт саҥата Марбаҕа олус
туора буолан иһилиннэ. Бороҥ күн анныгар туох баар барыта биир
кэрим кинини өһөөбүттүү дуу, кинини кытта бииргэ ытаспыттыы дуу
буолан көһүннэ.
     Байбал балачча өр саҥата суох сыппахтаан баран, кыыһырбыта
ааһан: «Үүтэ суох, ити оҕобутун тугунан аһатыахпытый?» — диэтэ.
     — Эһэлээх оҕону эһэтигэр илдьэн биэр! — диэтэ Марба, ытаа-
быт-соҥообут киһи быһыытынан хараҕын уутун, муннун сотто-сотто.
     — Ол оҕонньор ынаҕа эмиэ уолара буолуо.
     — Уолбутун да иһин, оҕонньор тардаах, бурдуктаах, үөрэнэн да аһатыа.
     — Онно баран ийэтэ суох хайдах буолуох оҕонуй ити, — диэтэ Бай-
бал, санаа була сыппахтаан баран.
     — Онон бу манна ийэтин кэтээн хоргуйан өлүө дуо?
     — Инньэ диэн хайдах гыныллыай… Эһэтэ оҕонньор иитиэ буоллаҕа
дии. Бэйэбит ханна да сылдьан хайдах да буолуохпут.
     — Ити сүөһүлэри манаан, манна хоргуйан өлүөхпүт дуо, аҕаҕар ил-
дьэн туттартаа, аһаталаатын. Мин бэйэм ыалга сылдьан айахпын-таҥас-
пын булунуом.
     — Буоллаҕа ол… — диэтэ Байбал, тугу эрэ саныы-саныы.

                                                                                                                 (Күндэ)

94
   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99