Page 108 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 108
ыныйар-ханайар Тэйэр хайам
Кэтэх тыата үллэҥнэс гынна,
Кэмэтэ суох тыҥырахтаах өттө барыта түмсүбүт,
Барыҥнаһа олорбут...
Дааҕырҕаһыы -хааҕырҕаһыы улааппыт,
Дапсыҥнаһыы-даллаҥнаһыы сүрдэммит...
«Тыыраахы кэлэн тыыра тардыаҕа» диэн
Туут балыгым таҥнары умуста,
Даайа эбэ хотун көстүбэт гына
Кус-хаас аймаҕа саба түспүт...
Курдурҕаһыы -куллурҕаһыы үксээбит,
Маатырҕаһыы -мээтиргэһии алыстаабыт .
Мороду саҥата дэлэйбит-тэнийбит...
Ол мунньахха кэрэтик көстөөрү,
Онтон-мантан лыах удьуора
Тэлбик-илбик көтөн кэлбит,
Тэлээрэ-тэлээрэ, кинилэр диэтэх дьон
Силээхтэлэрэ дэлэ буолуо дуо —
Сир симэҕин барытын кэрийбиттэр.
Бырдах аймаҕа быыгыначчы ыллаабыт,
Быыстала суох сахсырҕа удьуора
Сааҕынаһан кэлбит, саҥата элбээбит,
Санааларын түмээри, куоластарын холбоору,
Тойон ыҥырыа лоҥкунаан кэлбит,
Туора-маары кириэстии көппүт.
Моргуордара улаатан, айдааннара элбээн,
Мунньахтара хайдан тус-туспа
Тойон талбыттар, хандьыдаат туруорбуттар,
Тойон тойоннорун хайҕаһа олорбуттар.