Page 109 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 109
II
Мороду обургу хомус быыһыттан
Моролуйан тахсан, бокуойа суох
Кулдьугуруу-халдьыгырыы, кута олорбут:
«Кус-хаас, көтөр бииһиттэн
Кубаттан ордук ким баарый?
Моонньун көрүҥ! Моонньулаахтан эрэ
Муоранан ордук, муҥутуур бэт...
Кылбайар-кынтайар быһыытын көрүҥ!
Кынаттаахтан эрэ кыраайынан ордук...
«Куба дуо?» диэн хоһооҥҥо киирбитэ,
Куоҕаҥныы-куоҕаҥныы хоҥкуначчы ыллыыра
Туоска суруллубута, биэдэмэскэ биллибитэ...
Тура-олоро одуулаан көрдөхпүнэ,
Тойон буолуон куба сөптөөх эбит,
Баттала суоҕун, сүрэҕэ ырааһын!..
Барахсан маанылаах киһи», — диэн,
Кулдьугуруу-халдьыгырыы, хайгыы олордо.
«Куба буола-буола!.. Ар-дьаалы!..
Туох аанньатыгар туоска суруллубут үһү?
Туналыйбытын тухары толору көҥдөй,
Иэдьэгэй мэйии буолбат дуо — кини.
Истэрим тухары суортан ордугу
Көтөр кынаттаахтан билэ иликпин,
Көтөн күксүйэн, дьөлө хааҕырҕаан,
Туппутун эрэ тобулута тоҥсуйан,
Туйгун киһи, мааны барахсан...
Бэл диэтэр киниттэн киһи дьулайар...
Бэйэҕит даҕаны билэргит буолуо
Улуутуйар улуу тойон сиэнэ,