Page 112 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 112
Тыын көмүскэлэ дэлэтэ дуо —
«Бэрт сөп!!! Хотой тойон буоллун!!!
Бэркэ сөбүлүүбүт кинини», — диэн,
Бука бары айдаара түстүлэр.
Хотоҕойдоох бэрдэ хотой обургу
Хомпоруун саар тойон Тэйэр хайам
Үрдүк тиитигэр ньохчос гына олоро түстэ,
Үгүс норуотун, халыҥ хамаандатын
Өндөйөн көрдө, одуулаан олордо.
Өрө көбүөхтээн буҕарҕана сордоох
Үрдүк тойонугар үҥсэ сытта.
Үллэн баран хотой обургу:
«Былаас былдьаһан, сыспыт буруйгар
Буҕарҕананы сүгэ сырыт!» — диэтэ,
Дьүүлүн бүтэрэн өрө көттө.
Эн санааҕар норуот остуоруйата уонна литературнай
остуоруйа уратылара тугуи?
Оруолунан ааҕыҥ.
Толкуйдаа. Тобул
Бас-баттах тыллаһар.
Айахха киирбиччэ тыллаһар.
Тойон тугу туойара көҥүлэ.