Page 117 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 117
Күтүрү кытта аахсан да диэн. Хата, мин икки хайаҕастаах
уйабыттан биирин эмэ Чөрөскө уларсан көрөрүм дуу.
Кини сайыны быһа дьиэрэҥкэй тэбэ сылдьыбыта, тугу
да хаһаамматаҕа. Онон хайа ыккардыгар оҥосто охсор
үһү. Сүбэбин ылыммата дии-дии, бэйэ ыалын көрөн туран
алдьархайга киллэрэр сатаммат. Акаарыны кытта аахсыл-
лыбат. Кэбис, Чөрөһү өрүһүйдэххэ табыллар» дии саныыр
Чэрэс. Ол ыккардыгар Чөрөс эмиэ ыллаан ыыра барбыта.
Кус сүрэх Чэрэс
Хойгуура элбэх:
Хайаҕас чиэрэс
Куотара эриэккэс.
Дьэ дьиибэ тииҥчэй,
Мэйиитэ иэдьэгэй...
Чэрэс эмискэ кыыһыран дьэбидис гына түспүтэ. Кини
кыыһырбыт уоругар олорор лабаатын быһа хадьырыйан
баран, аллара диэки төбөтүн оройунан хойуостан иһэн,
биир лабааттан хаптан өрүһүнэ охсубута.
— Дьэ, бэйикэй, Чөрөс, көрсүөхпүт суоҕа. Атаспын үчү-
гэй аҕайдык кэһэтэрим буолуо. Эйиэхэ көмөлөһөн бэрт.
Ханна да дьөлө түс, — диир уонна кини ырыатын исти-
мээри, кулгаахтарын кыанан бүөлүү анньар.
Кыскыйар тыаллаах кыыдаан кыһын кэлбитэ. Сир-дой-
ду, от-мас халыҥ хаары үллүммүтэ. Чэрэс маҥнай утаа
саарба кэлиэ диэн бэркэ сэрэхэчийэрэ. Онтон сыыйа
умнан-тэмнэн барбыта. Биирдэ тымныыга хамсанан-им-
сэнэн, соруйан ирэ түһээри, ыраах баар хаһаастарыгар
сылдьан, сылайан-сындалыйан кэлбитэ. Барымах буолан
эрэрэ. Уйатын олбоҕун көбүтүнэн утуйаары гынан эрдэ-
ҕинэ, уйатын хайаҕастарынан икки харах уота сандааран