Page 116 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 116
— Бэйэҥ толкуйдаа. Онто да суох мин сөбүн үлэлээх
тииҥмин. һы-һы-һы! — диэн Чөрөс аны күлбүтэ.
Тииҥ аймахха улахан куттал суоһаабытын Чэрэс Чө-
рөскө кыайан өйдөтүө суоҕун билэн:
— Кырдьаҕас тииҥ тылын умнума, сэрэнэ сырыт, —
диэн арахсарыгар, хас биирдии тылын чиҥэтэ-чиҥэтэ, эп-
питэ.
Онуоха Чөрөс сыгынах устун сүүрэн куһугурайа-ку-
һугурайа:
— Саарба мин уйабар былтараҥнаан көрдүн эрэ,
хараҕын хайыта тыытыам, — диэн киһиргээн киирэн бар-
быта.
Чэрэс, кэлэйэн хаалан, тугу да хардарбатаҕа, сапсы-
йан кэбиһэн баран, дьиэтин диэки лабааттан лабааҕа ыс-
танан, чэрэҥэлии турбута. Ол истэҕинэ, арай кэннин диэ-
ки ырыа иһиллэр. Тохтоон иһиллиир. Чөрөс ыллыыр эбит.
Мин тыабар дэлэй
Минньигэс тэллэй...
Лоһугур туораах
Тотоойу астаах!
Онтон ырыа ах барар. Бадаҕа, Чөрөс тэллэйин кыт-
та тиниктэһэр быһыылаах. Утаакы буолбат, ырыа эмиэ
көбдьүөрэн, тииттэр төбөлөрүнэн эҥсиллэн кэлэр.
Туллаҥса саарба
Тутара саарбах,
Сүөдэҥсэ саарба
Сүүрэрэ сыылба.
Ырыаны сэҥээрэн, Чэрэс тохтуур. Кини Чөрөс саарба-
ны сэнээн ыллыырын истэ-истэ: «Оо, дьэ халлаан уола.