Page 119 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 119
сыҥ уута тыгыалыы сытара. Барыта хайдах эрэ дьэргэл-
дьийэ, чэмэлийэ хамсыы турарга дылы этэ.
Чэрэс ыалын уйатыгар чугаһаан баран, тииттэртэн
биир да хатырык сиргэ туллан түспэтэҕин көрөөт, дьик-
симмитэ. Кини «Чөрөөс! Чө-рөс!» — диэн хаһыытаабыта.
Ким да хардарбатаҕа.
Кыһыҥҥы уйатыгар кэлбитэ. Уйа аана тоҕута-хайыта
тардыллыбыт, уйа иһэ иччитэхсийбит. Чөрөс эрэйдээҕи
саарба мэҥиэстэн барбыт. Чэрэс, туох эмэ кырамта хаал-
быта буолаарай диэн, уйа тулатын көрдө. Тиит анныгар
Чөрөс кутуругун төбөтө быстан сытарын булбута, хараҕын
уута «мөл-мөл» тохтубута.
— Чөрөс, Чөрөс муҥнаах! — диэбитэ Чэрэс, ытаан
сыҥсыйа-сыҥсыйа. — Үлэни таптыыр, киһи тылын болҕо-
йон истэр, оттомноох эбитиҥ буоллар, бу айылаах буолуо
суох этиҥ. Эн маннык алдьархайга түбэһэргин билбэтэ-
ҕим, өссө кэһэтэн биэриэх буолан сааммытым. Миигин,
акаарыны, бырастыы гын. Эн иэдээниҥ атын тииҥнэргэ
кэһэлтэ буолуоҕа. Онон эрэ санаабын аралдьытабын...
Чэрэс өр баҕайы Чөрөс кутуругун кырамтатын кууһан,
төйүөрэн олорбута.
1. Айымньыттан тииҥнэр майгыларын кэпсиир тылла-
ры булан аах.
2. Саарба диэн хайдах майгылаах кыыл эбитий? Ону
бэлиэтиир тыллары булан аах.