Page 122 - ЛИТЕРАТУРА АА5ЫЫТА 4 КЫЛААС 1 ЧААhА
P. 122

Сарыысса буол, кэрэ кыысчаан,
Балаҕан ыйын бараныыта
Төрөт миэхэ бухатыырда.
Эдьиий икки кыргыттар
Мантан эмиэ хомуналлар...
Биһигинниин барсаҕыт,
Балтыгытын батыһаҕыт:
Таҥас өрөөччү бииргит буоллун,
Оттон бииргит — асчыт хотун».

Таһырдьа Салтаан тахсар.
Дыбарыаска айанныыллар.
Саарбыт кэлбит киэһэтигэр
Тута сөрөөн — мэнньиэстэнэр.
Баай-талым остуолугар
Сарыыссалыын олорунар.
Кыйыттар асчыт дьахтар,
Өрүүһүппүт ытамньыйар —
Күн-судаар кэргэнигэр
Күнүүлүүллэр кинилэр.
Сарыысса, эдэр дьахтар,
Оһоҕостоох буолан хаалар —
Ол түүнү аһарбатах.
Сэрии буоллар ааспатах.
Үтүө атын миинэригэр
Саар этэр кэргэнигэр:
«Тирэх ылан тапталтан,
Бэйэҕин эн харыстан».
Кыргыс уһун, кырыктаах —
Саарбыт кэлиэ олох ыраах,
Сарыыссабыт кэмэ кэлэр,
   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127