Page 101 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 101
көрө саһыл ньылбаарыйан кэлэр. Тайаҕы көрөөт, өссө
даҕаны өлө илик эбит дии санаан, ойуур иһигэр ньылбыс
гынан хаалар. Иһигэр: «Хаһан сараан абырыыгын. Тото-
хана аһаабатаҕым ыраатта. Суортан, тураахтан былдьаһан
аһаамахтаан хаалар инибин. Чугаһынан эһэ, бөрө баара
биллибэт. Бэдэр, киис да манна суох. Онон, мин толору
хаһаайын буолуом» диэн бүк эрэнэ санаабыт.
Бэһис сарсыардаты гар бөрө тиийэн кэлбит. Тула өттүн
эргийэ сылдьан өлөөрү сытар тайаҕы сытырҕалаабыт.
— Тайах, өссө да тыыннаах эбиккин дуу? — диэн бөрө
ыйыппыт.
— Тыыннаахпын. Көмөлөһүө дии санаабытым, мин
өлөрбүн кэтэһэ сылдьар эбиккин дуу? Хата, туһахпын араа-
ран кулу. Босхолонорум буоллар, сүһүөхпэр туруох этим.