Page 102 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 102

— Эйиэхэ көмөлөһөр кыаҕым суох. Хата, эрэйдээбэк-
кэ, б э й э ҥ да эрэй д эм м эккэҕи н сарсы н сар сы а р д аа ҥ ҥ а
диэри сарыы оҕус. Собулҕаҕын сиэх этим, — бөрө тииһин
килэппит.

     — Эйигиттэн итинтэн ордук тахсыа дуо?
     — Сүгүн сыт. Хата, билигин хабарҕаҕын хайа тардан,
итии хааҥҥы н иһэн кэбиһиэм ээ, — бөрө тиистэрэ лап-
лаһырҕас. — Ол эрээри, уруккута үтүө доҕордуулар эти-
бит. Ону санаан тохтуубун уонна дьэ, эн собулҕаҕын мин
харайбатахпына, араас үөн-күрдьэҕэ сиэ, ыт-кус аһылыга
буолуоҥ. Убайым көмүс уҥуоҕун мин эрэ көтөҕүөҕүм.
     — Акаары, — тайах өй-мэй барар, сотору өйүн сүтэ-
рэр. Төһө өр маннык сыппытын билбэт, ким эрэ кэлэн,
бэркэ сэрэнэн тардыалаабытыгар өйдөнөн кэлбитэ, куо-
бахтар кэлэн тураллар эбит.
     — Убайбыат, биһиги эйигин быыһыахпыт, — дэһиспит-
тэр куобахтар.
     — Чээн, эһиги тугунан көмөлөһүөх бэйэҕитий? Кыра-
ҕыт, мөлтөххүт бэрт. Кырачааннарыам, баһыыбаларыҥ,
мин туспунан куһаҕаны санаайаҕыт, — тайах уйадыйан,
хараҕыттан уу бычыгыраабыт.
      Ити икки ардыгар куобахтар, эргэ өтөхтөн туос ыаҕас
була охсоннор, күөлтэн уу баһан элээрдэн таһаараннар,
тайах муннугар үҥүлүтэ охсоллор. Тайах уу сытын билэн,
өйдөнөн кэлэр, ол кэннэ саҥ ата-иҥ этэ суох ууну бары-
тын иһэн кэбиһэр. Утаппыта олус эбит. Сорох куобахтар
киниэхэ уу аҕалаллар, сорохтор былах быһан биэрэл-
лэр. Тайах хараҕа сырдаан, көхсө кэҥээн, былаҕы сиэ-
битинэн барар. Куобахтар бары көмөлөөн туһаҕы төттөрү
өһүлэн мадьыктаһаллар. Балайда уһуннук үлэлээн, тайаҕы
туһаҕыттан босхолообуттар.
   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106   107