Page 99 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 99

онно хаптас гынан биэрэн, тыыннаах ордубут. Ол эрээри
кэлин атаҕа лаппа соҕустук баттаппыт.

      Куобахчаан бэйэтин кыаҕа баарынан сохсоттон босхо-
лоноору, араастаан тардыһа сатаабыт да, сохсото ыытыах
бэйэлээх буолуо дуо? Өрө сүгэн туруоҕун ыарахана да
бэрт. Куобахчаан, ханна да барар кыаҕа суоҕуттан кут-
танан, оҕо курдук ытаабыт. Арай ол сытан тайах ааһан
иһэрин көрөн:

     — Убайым оҕото, сохсоҕо баттатан өлөр күнүм кэллэ.
Баһаалыста, көмөлөс эрэ, — диэн тайахтан көрдөспүт.

     Тайах, хаһан даҕаны ааттаһыннарар үөрүйэҕэ суох,
бэрт түргэнник кэлэн, сохсону өрө көтөҕөн, куобаҕы бос-
холообут. Куобах эрэйдээх аҥаар атаҕын нэһиилэ соһон,
доҕолоҥноон хаамар буолбут.

     — Тукаам, атаххын өлөрбүккүн. Аҕал эрэ, мин тылбы-
нан салаан имэрийэн биэриим. Оччоҕо хаана тарҕанан,
ыарыыта арыый намырыаҕа, — тайах барахсан куобах
өлөттөрбүт атаҕын тылынан салаабыт, онуоха ыарыыта
хайдах эрэ мүлүрүйэргэ дылы буолбут.

     — Убаккаам барахсан, баһыыба. Иэс төһөҕө да төлө-
бүрүнэн киэркэйэр. Баҕар, хойутун хойут мин эмиэ эн
оҥорбут үтүөҕүн хайаан даҕаны төлүөм, — куобах махта-
лыттан хараҕа чаҕылыҥнас буолбут.

     — Кэпсээмэ, доҕор, — тайах, куобах тылын төһө да
сөбүлүү иһиттэр, сонньуйа санаабыт. — Бу кыракый бэйэҥ
эн миэхэ тугунан көмөлөһөр кыахтаах буолуоххунуй? Ту-
каам, хата, бэй эҥ этэҥ ҥ э, ол-бу быһылааҥҥа түбэспэккэ
сырыт. Эйигиттэн мин туох диэн көмөнү күүтүөмүй? Миэ-
хэ эн баһыыбалыырыҥ, махтанарыҥ да үчүгэй.

     — Баһыыба, убаккам. Хойут мин син биир эйиэхэ
иэскин тугунан эм э төлүөм, — куобах ньирээйи ойуур
   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104