Page 70 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 70
Эһэм саатын ылла. Мин эмиэ, батыһаары, бэргэһэбин
кэттим.
Эһэм эбэбэр эттэ:
— Ы тыҥ оҕотун баайан кэбис, иччитин батыһан куо-
баҕы үргүтүө.
Ытым оҕото ыйылыы хаалла.
Биһиги бөлөх талахха тиийдибит. Дьэ, доҕоор, арай
биир куобах талах төрдүгэр көхсө мохчойон, хараҕа бүл-
тэйэн сытар эбит. Эһэм ытаары гынна. Ытыан аҕай ин-
нинэ мин хаһыытаатым: «Һа-а-а!» Куобахчааммы т тилир
гынан хаалла. Эһэм сирэйбин-харахпы н одуулаата, ол
кэннэ эттэ:
— Куобахпытын үргүтэн кэбистиҥ дии. Үргүппэтэҕиҥ
буоллар, билигин коокотун эн си эҥ этэ. Аны көрдөххүнэ,
адьас хамсаабат буол. Үчүгэй оҕо буоллаҕыҥ дии!
Баран иһэн, эм и э биир куобаҕы көрдүбүт. Эһэм кы-
ҥаата. Мин тыыммакка олордум. Кыҥаата. Ытта. Табы-
лынна. Куобах оҕо курдук ньааҕынаата.
Эһэм этэр:
— Дьэ, билигин куобах коокотун сиир киһи буоллуҥ.
Мин саҥата суох көрөн турабын, олус дьиибэргиибин.
— Ити куобах хайыырый? — диэн эһэм миигиттэн
ыйытар.
— Ытаата ээ, — диибин.
Онтон дьиэлээтибит. Мин тутаары былдьаһыстым. Биэр-
дэ. Ыарахана сүрдээх. Кыайбатым. Төттөрү биэрдим. Со-
тору дьиэбитигэр кэллибит.
— Мин киллэриим, — диэтим.
Дьиэ иһигэр соһон киллэрдим. Эбэм, ийэм улаханнык
үөрдүлэр.
— Алаке, оҕобут бу ас булан аҕалбытын көрүҥ эрэ!