Page 74 - ЛИТЕРАТУРА ААҔЫЫТА 4 КЫЛААС 2 ЧААҺА
P. 74

Кинини күһүн аайы кинээс от кэбиһиитигэр оҕус сиэт-
тэрэр. Ол курдук оҕус сиэтэ сылдьан, Ньукуус «сотору
оскуола аһыллар үһү» д и эн сураҕы иһиттэ. К и н ээс ойоҕо
уолугар Н ээстээргэ тииҥ истээх сон, маҥан таба тыһа
этэрбэс тиктэ. Дьааһык муҥунан арыыны, чохоону симнэ.
Ону көрө-көрө, Ньукууһу кытта бииргэ оҕус иччитэ буол-
бут дьадаҥ ы Чоочур уола Моһуок: «Чэ, эн да биһикки
үөрэнэ барыах», — дии-дии хаайда.

      Сарсы ҥҥы ты гар киэһэ Ньукуус, ийэтэ ынахха киирээ-
ри турдаҕына, аҕатын мас суруйар харандааһын сэттэ тө-
гүллээн көрдөөн үүйэ тутта. Онуоха ийэтэ кэлин тиһэҕэр
тиийэн: «Бу уол харандааһынан иирээри гынна дуу, ки-
һи илиитин-атаҕы н сүгүн хам са та р ы тта н ааста», — д и эн
баран, бөх чабычаҕынан ор ой го «лап» гыннаран кэб и с-
тэ. Уол ньахчас гына түстэ. Кырдьыга, ытыах киһи, хоно-
һо кыыс баарыттан, «эр киһи буолан баран ытыыр эбит»
диэн хоһулуо диэн кыатанна, ол да буоллар мунна бэркэ
сурдурҕаата.

      Онтон ийэтэ хоноһо кыыстыын хотоҥҥо киирдилэр.
Ньукуус бу киэһэ, ол кыыс кэлэн тымтыгы туппакка, оҕону
көрүөх буолан дьиэҕэ хаалла. Хаалан, дьоно киирэллэрин
кытта, иһэ ыналлан, эм эһэтэ топполлон туран, чарапчыла-
на-чарапчылына, модьоҕоттон көмөрү ылла. Ылан, ытыһы-
гар силлээн баран, суруйан көрдө. Онтон саҥата суох
үөттүрэҕи ылан ардьаахтан тымтык суулларда. Ол суул-
ларарын аҕай кытта, чабычахха олорор оҕото ыҥырҕаан
кэллэ. Онуоха: «Эн баҕас ытаама», — диэбитинэн, дуг-
дуруйабын диэн, үөттүрэх төбөтүнэн уолун чабычаҕын
бүтүннүү көҥү анньан кэбистэ. Ньукуус мантан бэйэтэ да
сүрдүк диэн куттанна, соһуйда, бэрт түргэнник, ийэтиттэн
кистээн, уолун чабычахтары улаҕа диэки түҥнэри эргиттэ.
   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78   79