Page 141 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 141

УУС-УРАН ТЫЛ ЭЙГЭТИГЭР

    Кэпсээни эбэтэр хоһоону биһиги истэн да, ааҕан
да тута араарабыт. Тоҕо диэтэххэ, этиилэрин туту-
ла, сааһыланыыта, ааҕыллар интонациялара улахан
уратылаах.

    Холобур, «Күөрэгэй» — кэпсээнинэн, «Чурумчуку»
хоһоонунан суруллубут остуоруйалар. Кэпсээнинэн
этии киһи судургу, кэпсэтэр тылын бэрээдэгинэн
суруллар. Бу форманан остуоруйа, кэпсээн, сэһэн,
роман айыллар. Хоһоонунан этии тыла-өһө, ис хоһоо-
но дьүөрэлэһэр тэҥ кээмэйдээх кэрчиктэртэн турар.
Хоһоон форматынан норуот ырыата-тойуга, олоҥхо-
то, хоһоон, поэма, үгэ, остуоруйа, о. д.а. айыллар.

                                                                                                                    141
   136   137   138   139   140   141   142   143   144