Page 136 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 136

киһи барыта билэринэн, күөгүлүү төттөрү сэлгиэх-
тээх, олус дириҥник ытырбыта, батары киирэн ба-
ран тахсыбакка, ити ырдьаҥныы турар эбит.

    Ойон туран, икки сыҥааҕын өссө эпсэри лиги-
йэн биэрдим. Бөрөм айаҕын бэрт кыараҕастык атан
ырдьаҥныыр эрэ буолла. Дьиэбэр бу курдук тыын-
наахтыы илдьиэхпин баҕардым.

    Дьонум төһө дьиктиргиэхтэрэй?..
    Сиэтээри гыммыппар, бөрөм өсөһөр, туора ойуох-
халыыр. Мин салаалаах тоҥ мутугу тоһутан, уһуктуу
кыстым уонна бас быалыы оҥорон кэтэртим, онтум
кэтэҕэр сөп түбэһэр — бөрө өсөһөн быаны тартаҕы-
на, «имнэнэн» биэрэр гына мутукпун баайдым.
    Сиэттим. Бөрөм өсөһөн тардыһан көрөөрү гын-
на, төбөтүн булкуйбахтаата. Онуоха мутук «имнэннэ»
быһыылаах, сиэтэрим хоту истэҕэ дии. Сиэх буо-
лан үрдүбэр түһэн баран, сиэтиллэн иһэриттэн бөрө
иһигэр кыһыйа истэҕэ буолуо.

 136
   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141