Page 131 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 131
Хамначчыт-дьадаҥы хараҕын уулара хаарга тохту-
бат, хабала айаҕар таммалыыр, харчылаах куртаҕар
кутуллар. Мин ону иэстэһиэм!.. Соххор-доҕолоҥ со-
ро-муҥа суолга тохтубат, сиргэ тимирбэт, солкуо-
бай харчынан кутуллан, тойоҥҥо-хотуҥҥа, баайга-
талаҕа айаҕар кутуллар. Мин ону төттөрү төлөтүөм!..
Эбэккээм, үтэлээ! Биир сыллаах тахсыбыт даба-
йыым сууллара дьэ кэллэ — таҥнары курулаан алла-
раа үөдэҥҥэ, дьэбэрэ түгэҕэр, түһэрим дьэ буолла!
Өрүһүй, үтэлээ!» — диэн уолчаан эрэйдээх хараҕын
сотторо.
Оҕочоос, куйуурун эргитэн, куоҕаҥныы турара…
Ойбонун уута курулуур-эргийэр, ытыллар-дьалкы-
йар. Куртаҕа нүөлүйэн, оҕочоос куттанан, куйуурун
өрүтэ тардара, үөһэ тахсаары, үрдээн иһээри, хам-
наччыт-дьадаҥы буойуна буолаары, хара тыын был-
дьаһан, оҕо куйуурдуу турара.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Уолчаан сырдык ырата, бастыҥ баҕата тугуй?
Кини күөлтэн тугу көрдөһөн куйуурдууруй? Тоҕо?
2. Кэпсээни уус-ураннык ааҕарга бэлэмнээн ыры-
тыҥ. Айымньыны, ис хоһоонуттан көрөн, суол-
талаах кэрчиктэргэ араартааҥ. Кэрчиктэр сүрүн
ис хоһооннорун быһаарсыҥ.
3. Ааптар тылын уонна уолчаан монологун арааран,
кэпсээни уус-ураннык оруолларынан ааҕыҥ.
4. Киһи күүһэ — тулуур уонна дьулуур — диэн тоҕо
этэллэрий?
5. Бу оҕоттон хайдах киһи тахсыаҕай? Айымньы
тылларынан бигэргэтэн кэпсэтиҥ.
6. Айымньы аатын быһаарыҥ.
131