Page 130 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 130
ааҕарын олус сөбүлүүрэ. Табаарыстара үөрэхтэригэр
ыарырҕаттахтарына, өрүү сүбэлиирэ, көмөлөһөрө.
(П. Кочнев ахтыытынан)
Ааҕыы, ырытыы
Оҕо куйуурдуу турара
Халамнаайы мууһугар кырачаан баҕайы уол оҕо,
ойбон алларан, анньыытын тыаһа курдурҕаан-чыбыр-
ҕаан, дьыбардаах халлааҥҥа иһиллэ турара. Тур-
таччы тоҥмут сирэйэ, улам-улам кытаран, тиритэн,
буруолаан, чэпчээн, дьэ туттуута киирбитэ. Ойбонун
алларбыта: уута оргуйа түспүтэ. Ойбоно түөрт со-
бону төлүтэ тэппитэ. Оо, оҕо барахсан үөрбүтүөн!
Куйуурун түһэрэн, маҥкытын кэтэрдэн, куойатын
эргитэн, куоҕаҥныы турбута. Уута курулуура, эр-
гийэрэ-ытыллара, уолчаан куоҕаҥныыра. Куртаҕа
нүөлүйэн, сүрэҕэ өлөхсүйбүтэ, аччыктаан сыҥааҕын
уута чырылыы тэппитэ. Алаархай хараҕа, үөрбүт
дьүһүнэ умуллан барбыта. Байааттаҥнаан, хаарга
тайанна. Тоҥ мууһу тоһута ыстаата. Куртаҕа тохтоо-
то, хараҕа сырдаата. Куйуурун ылбыта — уончака
соболоох, үгүһэ төттөрү тахсыбыт. Оҕочоос эрэй-
дээх, эмиэ куйуурун эргитэн, куоҕаҥныы турда, уута
курулуур, эргийэр-ытыллар.
«Эбэккээм! Көрдөһөр күттүөннээх, ааттаһар ах-
сааннаах. Үөрэхтэн матарым дьэ кэллэ — үтэлээ.
Үөрэнэн, үрүҥ күн сырдыгын көрөөрү, бу үтэ булаа-
ры сордоно турабын. Бэс үөрэ мэлийдэ, тарбыт ба-
ранна. Хара уу — ааһымтыа. Миэхэ биир үөрэнэр
сылбын бүтэрэн, мүччү түһэрим бэрт улахан наа-
далаах. Ол үөһэ тахсарбар — биир үрдүк кири-
лиэс. Үтэлээ, эбэккээм, үтэлээ! Үтүөҕүн төлүөҕүм:
үлэһит-хамначчыт иннигэр охсуһуом… Эбэккээм!
130