Page 126 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 126

дьыыттары туппуппутун таҥна-таҥна кэпсиирим.
Оҕолор саҥата суох тулалаан иһиллииллэрэ.

    Үөһэттэн итии күн биһигини угуттуура, уу улам
куччаан иһэр талаана атахпыт анныгар хатыллан кэ-
лэн биллиргии, күөх кырсы салыы, эккэлии сытар
буолара.

                                                                              1957 с.

         Тылбытын байытабыт

        Кэлии да соҕох буолбута; баһа хатыа; аас бириэмэ;
   уҥуоҕа халыгырас буолбут; сири кымыстаһа олорон;
   быһа сытыйда; сойбут сүрэхтэрин; хаана хамсаабыт —
   диэн тыллар ситимнэрин айымньыттан булан, сороҕун
   этиитинэн, сороҕун тылдьытынан сирдэтэн быһаарыҥ.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

   1. Кэпсээҥҥэ хаһааҥҥы кэм көстөрүй?
   2. Сайылык дьоно тоҕо тыаҕа түстүлэр?
   3. Наһаардаах тоҕо сайылыктарыгар хааллылар?

       «Олох тардыыта кинини сайылыкка, ходуһаҕа
       хам кэлгийбитэ» диэн этиини быһаарсыҥ.
   4. Сэмэнчик булугас өйө ханнык түгэннэргэ көһүннэ?
   5. «...мэникпин мөхпүтэ буола-буола, баттахпын
       көннөрө, имэрийэ сатаата» диэн ийэтин сыһыа-
       нын хайдах өйдөөтүгүт?
   6. Эһиги санааҕытыгар, кыһыллар кэлбэтэхтэрэ
       буоллар, быһылаан тугунан түмүктэниэ этэй?
   7. Кэпсээн саҕаланыытын уонна түмүгүн болҕойон
       тэҥнээҥ, санааҕытын этиҥ.

 126
   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131