Page 121 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 121

дан ылан баран, сонно мүччү тутан кэбиһэр. Аҕам
сүүһүн түрдэһиннэрэр. Бөстүөнүн аһыйар. Аһыйымы-
на даҕаны, киниэхэ баара эрэ уонча бөстүөннээх, ол
бүтэн хааллаҕына, бу сэрии саҕана хантан булар?

    — Ок-сиэ, бу киһини? — диэн баран, Уус саатын
ылан бэйэтэ бөстүөн уган биэрэр. Түспүт бөстүөнү,
ыксала бэрт буолан, көрдүү барбат, ол эрээри түс-
пүт сирин бэлиэтии көрөн кэбиһэр.

    — Билигин оһох төрдүгэр сөрөнөн туруохпут уон-
на саба сырсан кэлэн, тутан ылыахпыт. Эн санаа-
ҕар? — аҕам сүбэлэспитэ буолан Уустан ыйытар.

    — Сөп, сөп! — диир Уус салҕалаабыт куолаһынан.
Дьон оһох кэннигэр сөрүөстэллэр. Уус тугу эрэ
оҥостон букунайар. Ийэм бандьыыттары түннүгүнэн
кэтэһэ барар.

    Өстүөкүлэ бытархайдарын туоска тигэн оҥорбут
түннүк быыһынан кэтэһэ туран, ийэм мөхсө түһэр,
аҕабын ыҥырар. Кэлэн түннүккэ сыстан көрбүтэ,
Көлөпүнэ бууттаах сутуругун мин үрдүбэр күөрэтэн
эрэр эбит.

    — Оо, оҕобун сиэтилэр! — диэн ийэм хаһыыра
түһэр уонна тоҕо эрэ миигин охсубут сирдэрин тут-
тан, таалан турбахтыыр. Мин охтубут омуммар, буор
өрө бытарыйа түһэр. Ийэм бокуойа суох аан диэки
харбыалаһан истэҕинэ, аҕам тохтотор.

    — Сиэн эрдэхтэрэ абатын көрүҥ эрэ! Туох ки-
нилэри ситиэ баарай? — ийэм дьиэ иһигэр айманар.

    — Оргууй, биһиги ситиэхпит! — диэн баран, аҕам
ийэбин хаҥас диэки аҕалан олордор. Оһох төрдү-
гэр кэлэр. Дьиэ иһинээҕи аймааһынтан оҕо уһуктар,
ытаан марылыыр. Аҕам түннүк диэки өссө биирдэ
көрөн баран, оннугар төннүбүтэ, киһитэ суох.

    — Хайа? Наһаар?! — эргим-ургум көрбөхтүүр.
    — Мин… Мин… Сибилигин, — диэн мөлтөх, ти-
тирэстээбит куолас хотон иһиттэн иһиллэр.

                                                                                                                    121
   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126