Page 117 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 117
быт субу киирсиэх курдук буолтар. Көлөпүнэ ол-бу
диэки көрбөхтөөтө. Туох да биллибэт. Отчут тахсар
кэмэ буола илик.
— Чэ, барыах эрэ, — диэтэ Көлөпүнэ.
— Мин сылабаарбын көрүөм, билигин тиийиэм.
— Тиэтэт, хайдах мааҕыыттан оргуйбат иһитий? —
диэн баран, Көлөпүнэ оҕустар диэки тиэтэйэ-саа-
райа хаама турда.
Оҕустар, харсар сирдэриттэн иччитэх өтөх дьиэ
күлүгэр киирэн, аанньа көстүбэттэр. Мин санныбыт-
тан хайа сууллубутун кэриэтэ сананным. Билигин
тиэтэйиэххэ эрэ наада. Мин дьиэҕэ ойон киирэн
саа үрдүгэр түстүм, хотонунан киирэн иччитэх ба-
лаҕаҥҥа тэбинним. Аҕабар туттара оҕустум.
— Көр эрэ, бу оҕобун, — диэт, аҕам саа үрдүгэр
түстэ. Онтон тута: — Хайа, ботуруона? — диэн баран,
ылыах киһи быһыытынан, мин диэки илиитин уунна.
Мин буоллаҕына, ботуруоҥҥа кыһамматахпын, ку-
раанах сааны эрэ аҕалан турар эбиппин.
Дьонум туох да саҥата суох сукуһан турдулар.
— Биир саабыт ботуруона суох, иккиспит бөстүө-
нэ суох… Нохоо, сааҕын көөртөрө дуо?
— Көлөпүнэ сыттана сыппыта.
— Ону хайдах ыллыҥ?
— Оҕустары харсыһыннаран…
— Сааны суохтаан сибилигин кэлиэхтэрэ, хайдах
буолабыт? — диэт, аҕам Ууһун диэки көрдө.
— Ат үрдүгэр түһэн куота охсуохха!
— Эмиэ ат миинэ тураахтыыбыат! Чэ, таһааран
ойут…
Уус хамсаабата, титирэстиир эрэ.
Дьиэҕэ сүүрэн киирэр кыбыстыыта бэрт буолсу,
саҥата суох турдубут. Дал диэки: «Һа-һа, һа-һа, тиис-
таас, тиис-таас!» — айманаллар. Аҕам түннүгүнэн
көөртө, Көлөпүнэ дьиэ диэки чугас турар, тоҕо эрэ
117