Page 112 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 112

дьонум туох да үгүс саҥата суох: «Бу алдьарха-
йын», — дэстилэр уонна бэйэ-бэйэлэрин көрсө-көр-
сө, тэпсэҥнэһэ турдулар. Уус тоҕо эрэ хара кыл сэ-
лээппэтин устан баран кум-хам туппахтаата.

    Өтөх өттүбүт ыраас хонуу этэ, барар-кэлэр сир
суох буолла, дьон түбэспиччэ иччитэх балаҕаҥҥа
киирдилэр. Уус киирээт, оһох кэннигэр сөрүөһүннэ,
онтон тоҕо эрэ орон аннын хаһыспахтаата.

    — Доҕоор, тууккаҥ иитиилээх дуо? — диэтэ аҕам
Ууска. Уус онуоха уҥуоҕа суохтук:

    — Ким билэр, — диэтэ.
    — Аҕал эрэ миэхэ!
    Уус саатын биэрдэ, уҥуоҕа халыгырас буолбут,
сэлээппэтин хотон айаҕынааҕы баҕана анныгар
ыйаан көрдө, онтон эмиэ кум-хам тутта.
    Аҕам кустаары учууталтан уларсыбыт икки уос-
таах саата дьиэҕэ бастыҥ көхөҕө ыйанан турарын
ыйытта. Уус саатыттан туһа тахсыа суоҕун биллэ
быһыылаах, кыһаллыбыт иһин, ыйаммыт саа дьиэҕэ
турдаҕа дии — бэйэтэ кэлэн биэриэ дуо?
    — Баарын сарсыарда илдьэ бараары гынан ба-
ран хааллартым, соруйан бу буолар быаҕа… Сэмэн-
чик, хайдах эмэ гынан уоран тахсыаҥ дуо?
    Онтон сүбэлэһиэх киһи быһыытынан Ууһугар эр-
гилиннэ. Ууһа сэлээппэтин икки илиититтэн өссө да
араара илик эбит.
    — Ээ, бырах, доҕоор, мускуһан хааллаҥый.
    Ууһа: «Ээх», — диэтэ, эрийбит сэлээппэтин аны
көннөрөр солото суох барда. Өтөр көнүө да суох
таҥас буолбут, мааҕыы бэйэлээх тэллэйбит бэйэтэ
иһит сууйар өрбөх курдук харбыйбыт.
    Мин саа уора дьиэбэр ыстанным.
    Дьиэ ааныгар чугаһаан иһэммин, мастан иҥнэн
умса баран түстүм.
    — Оок, бу киһини ат охтордо! — Көлөпүнэ күтүр

 112
   107   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117