Page 111 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 111
лө, хоппо күрдьэх саҕа ытыһынан атын үлүгэрдик
сапсыйан нэлэҥнээтэ.
Мин испэр: «Амсай» дии санаатым.
— Сылабаары таһаара оҕус, туох үлүгэр буруо-
латтыҥ! — диэтэ ийэм.
Мин сылабаары көтөҕүөх сирбэр көтөҕөн, соһуох
сирбэр соһон, быһа астаһан модьоҕону туораттым.
Тахсыбыт күн арҕаалаан эрэр, талах атым аан
күүлэтигэр сытар, ону маҥаас ынахпыт кэлэн сыл-
лыы турар эбит.
Сүүрэн тиийэн, ынаҕы ытыспынан самыыга «тап»
гына биэрэн, эбиитин атахпынан өттүккэ ыаллаан
баран, тохтоон ол-бу диэки көрдүм. Бандьыытым
көстүбэт, арай ампаар ойоҕоһун диэки туох эрэ
күүскэ баччыгыныыр, онно тиийэн көөртүм, киһим
утуйа сытар.
Онтон уҥа диэки эргиллибитим, өтөх арыый ана-
раа өттүгэр икки киһи бэрт холкутук кэпсэтэ-кэпсэ-
тэ хааман сэмнэйдэһэн иһэллэр эбит. Бастакыта —
мин аҕам, иккиһэ — Уус Наһаар. Туох эрэ көрдөөҕү
кэпсэтэллэр быһыылаах. Уус куолутунан оргууй кү-
лэн саһыгыратар.
Бу алдьархайы, аны кэтии сытар бандьыыты уһу-
гуннараллара буолуо… Көлөпүнэ тахсан кэлиэ. Мин
ыксааммын аан диэки, ампаар диэки көрбөхтүүбүн.
Дьолго, бандьыыт да турбата, аан да аһыллыбата.
Дьонум диэки сүүрдүм. Өтөх кэннигэр киирии-
лэригэр, аҕам иннигэр биирдэ тиийэн хорус гына
түстүм. Хотон муннугуттан кэлбитим эмискэччитит-
тэн буолуо, дьонум соһуйан, «дьик» гыннылар.
— Нохоо, туох буоллуҥ?
— Бандьыыттар бааллар, саһа охсуҥ!
— Бандьыыттар даа… Ханна?
Харабыл бандьыыт утуйа сытарын, Көлөпүнэ дьиэ-
ҕэ дэйбиирдэнэ хаалтын кэпсээтим. Ону истээт,
111