Page 113 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 113

тахсан маарыын утуйа сытар бандьыыттыын тугу
эрэ ботугураһан кэпсэтэ тураллар эбит.

    Көлөпүнэ мин буор буолан турбуппун көрөн ич-
чилээхтик, хатан үлүгэрдик күлэн алларастаата, өт-
түккэ бэриннэ, сис тутунна. Онтон харытын ньыппа-
рынна, ынырыктык туттан миэхэ атыннык күрдьүөт-
тээн кэллэ, икки акымалбыттан, ытачча курдук, ыга
ылан баран, аны тула эргитэн кулахаччытта.

    Күнүм кытар гынна, сирим ирим-дьирим буолта-
лаата, онтон тыыллаҥнаан, өрө күөрэҥнээн барда.
Ыытан кээспитэ олоро түстүм. Сүрэҕим уһулу ыста-
нан тахса сыста.

    Бандьыыттар күлэн ымаҥнаһаллар, кинилэргэ туох
буолуой, оттон мин ытамньыйан, абабар сири кы-
мыстыы олордум. Арыый дьэҥкэрэн барыыбар, Кө-
лөпүнэ кэлэн, төбөбүн иккитэ-үстэ хаһыйбахтаан,
имэрийбитэ буолла, күлэн саһыгыраата уонна дьиэ
диэки эрдии салбаҕын курдуктарынан дайбыы турда.

    Кыыһыран сири кымыстаһа олорон өйдөөн көөр-
түм, утуйбут бандьыыт иччитэх балаҕан диэки хаа-
ман кылбаҥнаата. Тиийэрэ чугаһаата, ааны субу
тэлэйэ баттыыра буолла, субу аҕабын тутан дэллэ-
ритэн таһаарара кэллэ.

    Мин дьиэҕэ ойдум, ааны аһан киирэн истэхпинэ,
куттаммыт санаабар, Уус саҥата хаһыытыырга дылы
гынна. Ааным тыаһа да буолуо, баҕар, ынах маҕы-
рыыра дуу, хайатын да билбэккэ ааммын саба охсон
кэбистим.

    — Хайа, бу туох буолан киирдиҥ? — диэн ыйытта
ийэм мин диэки көрөн баран.

    Мин тугу да саҥарбатым. Тугу билбиппин, ал-
дьархай буолан эрэрин харахпынан кэпсии сатыы-
бын. Ийэм тугу эрэ өйдөөтө быһыылаах уонна ыҥы-
ран ылан, мэникпин мөхпүтэ буола-буола, баттахпын
көннөрө, имэрийэ сатаата.

                                                                                                                    113
   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118