Page 114 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 114

Көлөпүнэ ити бириэмэҕэ икки уостаах сааны ылан,
сомуоҕун хачыгырата олорбута. Мин аҕам аах кэлэн
өтөххө саспыттарын, бандьыыт ол диэки барбытын
оргууй сибис гынным.

    «Оргууй», — диэтэ ийэм. Аҕабытын хаһан тутан
киллэрэллэр диэн кэтэһэ олордубут — ийэм хаҥас
диэки, мин уот иннигэр.

    Дьиэ иһэ уу чуумпу буолла, сүрэх тыаһа тип-ти-
бигирэс, аҕыйах да мүнүүтэ ый хонугар тэҥнэннэ.
Хараҕым аан диэки, аан аһыллыахча аһыллыбата…

    Саа сомуога хаттаан хачыгыраата. Ийэм тоҕо эрэ
соһуйан: «Айакка!» — дии түстэ. Көлөпүнэ кыһаллы-
бат, саҥата суох дьиэ үрдүн кыҥаталаан көрдө, он-
тон мин диэки туһаайда. Саа икки уоһун сабыс-саҥа
биинтэлэрэ кырылаһан, тыбыс-тымныынан сүрэхпэр
тиийэ дьөлү көрдүлэр. Мин таалан олордум, онтон
атын өллүм да, тилинним да санаа суох буолла. Кө-
лөпүнэ буоллаҕына, тугу да саҥарбат, саатын уоһу-
нааҕар ордук дьэбин уоһуйбут. Ийэм эрэйдээх саҥа-
та өрүһүйдэ.

    — Толоостук оонньоомо, доҕор, дэҥ, араас буола
сылдьыа.

    Анараа киһи күлэн ассайда, атын сир диэки тутан
түһэрбэхтээн көрдө уонна аттыгар ууран кэбистэ.

    — Хата, бу сааны мин илдьэ барыыһыбын, — диэ-
тэ кини бэрт холкутук.

    — Тыый, киһи саата эбээт, учуутал киэнэ, — диэн
ийэм утарсан көрдө да, туһа тахсыбата.

    — Оччоҕо эгэтин ылабын, үөрэхтээх киһи киэнин
сүгэ да сылдьарга астык, кэриэс гыныллыа.

    Биһиги, кыаҕа суох дьон, утарса барбатыбыт. Са-
ҥата суох олордубут.

    Киһи киириэхчэ киирбэтэ. «Туппатах буоллаҕа» дии
санаан, сыпсыбар чох кыбытан таһырдьа таҕыстым.

    Бандьыытым дьааһыйа-дьааһыйа олорор, сирэ-

 114
   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119