Page 119 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 119
Ити икки ардыгар оҕустарбыт арахсыһан барыах
быһыыланнылар. Биирдэрэ нөҥүө хайыһан баран,
биһиги диэки сыптарыйан ыста.
Доҕоро буоллаҕына биһигини чэлкэхтээҕинэн
одуулаан бурулуҥнаата. «Бандьыыттар эһиги тоскут
ити» дииргэ дылы. Ханныгын да иһин, бэл, оҕустар
норуот өстөөхтөрүгэр көрү көрдөрүөхтэрин баҕар-
батылар.
Элиэҕэ кытаахтаппыт баҕа муҥнаах, мин, бэсти-
лиэнэй ньымабын боруобалана турдум.
— Оҕустары ити далга хаайдахха киирсиэ этилэр…
— Кырдьык даҕаны… бачча эрэйдэнэн баран, —
диэтэ Көлөпүнэ бандьыыт.
— Кыараҕас далга, хайа, өлөрсөн кэбиһээйэл-
лэр? — диэн кыра бандьыыт саарбаҕалаата.
— Хата, сыа сиэхпит.
Мин аппын ураҕас оҥосто охсон баран, биир
оҕуһу начаас үүрэн киллэрдим. Оттон иккиспит туох
иһин киириэн баҕарбат. Оҕус өсөһө өс хоһоонугар
киирбит суол, онуоха эбии куттанар быһыылаах,
туой муннун «буус» гыннара-гыннара, бэйэбитигэр
күрдьүөттүүр. Мин дьулайдым. Арыычча тэйэн, кү-
рүөҕэ сыстан биэрдим. Тардыылаах оҕус сыыры
намыһаҕынан тахсар диэн өс хоһоонун эмиэ бэркэ
билэрим. Ыксал буоллаҕына, күрүө анныгар ньыл-
быс гынан биэриэх санаалаахпын.
Бандьыыттар, саалаах дьон, оҕус аайыттан кутта-
ныахтара дуо? Эбии ыган киирэн истилэр. Оҕус куо-
тар сирэ аантан атын суох буолла. Утаакы буолба-
та, оҕуспут дьон диэки батыччахтаан, туһаайбычча
Көлөпүнэни мииммитинэн кэллэ. Көлөпүнэ кыайан
сыҕарыс гынан биэрбэтэ, оҕус түҥнэри көтөн, куту-
руга өрө хоройо турда.
Доҕоро Көлөпүнэҕэ ыстанна. Мин куоппут оҕуһу
119