Page 123 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 123
этэ, ийэм диэки чэлкэлээҕинэн кынчарыйан ылбыта.
Ийэм, онно кыһамматах киһи быһыытынан, сылабаа-
рыгар ааһан иһэн:
— Били оҕо ханна сүтэн хаалла, эһиги көрбөтүгүт
ини? — диэн улаханнык, дьиэҕэ иһиллэр гына ыйыт-
та бандьыыттартан.
— Оҕустары харсыһыннараары сүүрэ сылдьар
этэ, — диэтэ кыра бандьыыт ымах гынан баран.
— Буоллаҕа ол! — мөхпүтэ буолла ийэм. — Сы-
лабаара буоллаҕына сойо охсубут, — диэн баран,
ийэм сылабаарын ылан аан диэки хааман истэҕинэ,
Көлөпүнэ суолун бүөлүү түһэр.
— Эриҥ ханнаный, хаһан кэлэр? — ыйытта Көлө-
пүнэ.
— Тайахтыы бардым диэбитэ, ханна түһэн хаал-
бытын тугу билиэмий?
— Сымыйаҥ, тайахтыы барбатаҕа! Хата, сымыйа-
лыы испиккин үчүгэй аҕайдык тэптэриэҥ ээ уонна
сылабааргын кытта саманна төкүнүйэ сытыаҥ!
— Онно эмиэ тоҕо сымыйалаттыҥ.
— Билэҕин дуо, мин кимминий? Мин Көнтөс илии
уола Көлөпүнэ буолабын!
— Чээрэ, хата, манна үчүгэй аҕай кэпсэтии тах-
саарай, — дии-дии кыра бандьыыт ымаҥнаата.
Көлөпүнэ, ыга кыыһырбыт, тордох курдук хара си-
рэйин арыый чараас өттүлэринэн хаана кытыастан
тахсыталаабыт, тымырдара лоппоһо үллүбүттэр. Субу
сиэх-аһыах курдук үллэн булгунньах төрүөн турда.
Ити бириэмэҕэ тыа саҕатыгар бөлөх аттаах дьон
көстө түспүттэрэ, онтон эмиэ атын иккис, үһүс бөлөх
тыа быыһыттан субуллан таҕыстар тахсан истилэр.
Бандьыыттар ону маҥнай билбэккэ турбуттара.
Онтон элбэх ат туйаҕа субу сааскы этиҥнии ньи-
риһийбитинэн барбытыгар, бандьыыттар эргиллэн
көрбүттэрэ… Ол аттаах кыһыл сэриилэр этилэр.
123