Page 128 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 128
Сибирь улуу буолактара
Силлиэрдилэр иһиирэ,
Туундара тыйыс уолаттара
Туруннулар сэриигэ.
Өстөөх ханна саһан сылдьар,
Өстөөх ханна хайыһар, —
Ситиэ онно сытыы буулдьа,
Ситиэ сыыдам хайыһар!
Биллин фашист баһылыга
Биһи чаҕаан күүспүтүн,
Кыайыы сырдык дьаралыга
Биһигини кууспутун.
1942 с.
Хоһооҥҥо ойууланар сэрии туһунан тугу билэҕит?
Кэпсэтиҥ.
«Чөөчө» уонна «Сайылыкка» кэпсээннэр Граж-
данскай сэрии, оттон «Хайыһар» хоһоон Аҕа дой-
ду улуу сэриитин туһунан. Бу кэмнэр туох ураты-
лаахтарый? Тугунан маарыннаһалларый?
КЭРЭ ЭЙГЭТИГЭР
Бэйиэт Илья Чаҕылҕан бу хоһооно норуот ыар дьыллары-
гар санаатын көтөҕөр өрөгөй ырыа буолан дуораһыйбыта.
Ону истиҥ уонна ыллыырга үөрэниҥ.
АЙЫМНЬЫ ТҮҺҮЛГЭТЭ
И. Д. Избеков—Уустаах Избеков «Оотуй уонна Тоотуй»
диэн орто саастаах оҕолорго үс оонньуулаах пьесатын ааҕыҥ.
Сценаҕа туруорарга холонуҥ.
128