Page 127 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 127

АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

    «Сэмэнчик ийэтэ уонна аҕата», «Кыракый Сэмэнчик
уонна Көлөпүнэ бандьыыт» тиэмэлэртэн талан өйтөн
суруйуҥ.

     Тэҥнээн көрүү

    Чөөчө уонна Сэмэнчик тугу кыайан, хорсун быһыы-
лары оҥордулар? Кинилэр уобарастарынан туох диэн
түмүгү оҥоруохха сөбүй?

     Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга

    Саха сиригэр Гражданскай сэрии буолбут сирдэ-
ринэн нэһилиэккэ, оскуолаҕытыгар баар түмэллэр
матырыйаалларын туһанан, история учууталын кытта
сүбэлэһэн, кэтэхтэн экспедицияҕа сылдьыҥ.

Ааҕыы, сэһэргэһии

     ИЛЬЯ ДОРОФЕЕВИЧ ВИНОКУРОВ—ЧАҔЫЛҔАН

                              Хайыһар
                  Хоту дойду хонноҕунан
                  Колонналар бардылар,
                  Хара тыанан, толоонунан
                  Хайыһардар дайдылар.
                  Өстөөх ханна саһан сылдьар,
                  Өстөөх ханна хайыһар, —
                  Ситиэ онно сытыы буулдьа,
                  Ситиэ сыыдам хайыһар!

                                                                                                              127
   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132