Page 122 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 122

— Итиннэ эмиэ тоҕо симилинниҥ?
    Сотору буолан баран, кубарыйан хаалбыт дьүһүн,
түппэҕирбит убаҕас хара бытык хотон аанынан ор-
гууй быкта.
    «Туһалаабат киһи буолла ээ», — дии саныыр аҕам.
    — Кэл эрэ, Марыына, бу киһи саатын эйиэхэ биэ-
рэр.
    Ийэм, кырдьык, саа ылыах киһи курдук, эргиллэн
эрдэҕинэ, аҕабын ким эрэ оргууй бүөргэ имнэнэр.
Көөртө: Наһаара хотонтон тахсан, аттыгар кэлэн ту-
рар эбит уонна сибигинэйэр:
    — Тоҕо сымыйалыыгын, Дьэкириэм?.. Мин хо-
тонтон ордук буолсу диэн киирэ сырыттым… Оһох
төрдүттэн көстүөх курдукпут иһин…
    Аҕам көрдөҕүнэ, киһитин сирэйэ-хараҕа турбут,
хатыыламмыт курдуга… Кини, кырдьык, соруммут
быһыылааҕа.
    — Эрэн, миигин түһэн биэриэ диэтэҕиҥ дуо?!
Мин барытын өйдөөтүм эбээт.
    — Өйдүөххэ наада, кинилэр биһигини, кус оҕотун
курдук, бултууллар, биһиги буоллаҕына хотоҥҥо…
    — Чэ, чэ, түксү!
    Дьон оһох кэннигэр сөрүөстэн туран, саҥата суох
бардылар. Оҕо ытыыра уоскуйда.
    — Остуолу таппыта буол. Киириилэригэр бары-
тын бэлэмнээн олор, — диэтэ аҕам ийэбэр.
    Ийэм остуолу таппытынан барда.
    Бандьыыттар биллибэттэр.
    — Били баҕайылар ханна түһэн хааллылар? —
диэтэ аҕам тэһийбэккэ.
    — Сылабаары киллэрбитэ буолан, тахсан
көрүөм, — диэтэ ийэм, былаатын күүскэ туомтуу
тардынан баран, аанын аһан тахсан иһэн, бандьыыт-
тары сонно тута утары көрсө түспүтэ.
    Көлөпүнэ эбии дьиппиэрбит, хаана хамсаабыт

 122
   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127