Page 125 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 125

Сөрүүнүн, үчүгэйин… Онтон миэхэ тугу эрэ саҥа-
рар, мичээрдиир. Мин тугу да өйдөөбөппүн, мээ-
нэ чыпчылыҥныыр эрэ быһыылаахпын… Харахпар
кыһыл кириэстээх суумка көстөн ааһар. Кини өссө
тугу эрэ саҥарар, уоскутардыы мичээрдиир, санны-
бын таптайар уонна барар.

    Мин хам-бааччы сытабын. Дьон адаарыҥнаспах-
тыыллар, онтон сотору барыта мэлийэн, дьиэм иһэ
ибис-иччитэх буолан хаалар. Суох, өссө ким эрэ
баарга дылы. Кимий? Аҕам дуу? Суох, атын киһи.
Ээй, Наһаар Уус эбит дии! Эргэ хомуһуол сонун сэ-
бэһэ быанан ыга курдана турар.

    «Дуҕа курдук этэ дии, хайа икки ардыгар көнөн
хаалла?» — дии санаатым уонна эмиэ түҥ-таҥ бар-
дым.

    Уҥмутум кэннэ туох буолтун мин өйдөөбөппүн.
Ийэм кэпсиир. Биирдэ эрэ буолбатах, хаста эмэ.
Миэхэ эрэ буолбатах, дьоҥҥо эмиэ. Остуоруйа кур-
дук бэркэ сиһилии, тугу да көтүппэккэ кэпсиир —
барыта кини өйүгэр соччо күүскэ хатанан хаалбыт.
Ону истэн-истэн, мин бэйэм кытта сылдьыспыт кур-
дук ону өйдөөн хаалбытым.

    Сотору сайылык ыаллара, төннөн, ыал-ыал кур-
дук тиҥинээн-таҥынаан барбыппыт. Ол кэнниттэн
куйаас күннэр буолбуттара. Алаас күөлэ сөтүөлүүр
оҕолорунан туолбута. Тиритэн ыксаан иһэн, ыраах-
тан көрдөххүнэ, оҕолор «сэриилэһэ» оонньуур уула-
ра өрө күндээрэн олорор буолар. Онуоха эбии чу-
гаһаан кэллэххинэ, күөл иһин диэки эрдии салбаҕа
чипчилиҥнии умайан, бэл, кубарыйа хаппыт тыыга
сыстыбыт уулуун, күн уотугар чаҕылыҥныы-чаҕы-
лыҥныы, оонньоон, имнэнэ-имнэнэ ыҥырарга дылы
буолаллар. Онно мин ыраахтан ырбаахыбын усту-
бутунан күөлгэ сүүрэн киирэрим. Күрээн иһэр бан-

                                                                                                                    125
   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130