Page 129 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 129

Толкуйдаах, үлэһит киһи — олоҕу оҥорор

                  ПЛАТОН АЛЕКСЕЕВИЧ ОЙУУНУСКАЙ
                                      (1893—1939)

    П. А. Ойуунускай 1893 сыл-
лаахха Таатта улууһугар 3-с
Дьохсоҕон нэһилиэгэр дьадаҥы
ыалга төрөөбүтэ. Кини: «Мин
төрөппүттэрим кыһалҕалаахтык
олорбуттара, баай ыалга хам-
наччыттыыллара. Биһиги бары-
та алта уол, түөрт кыыс буолан
иитиллибиппит, онтон алта оҕо
аччык олохтон, сэллик ыарыы-
га ыалдьан кыраларыгар өлбүт-
тэрэ», — диэн кэпсиирэ.

    Платон үөрэниэн олус баҕарара да, тиийиммэт,
кыаммат кыһалҕатыттан Наммара Төрдө диэн сир-
гэ аһыллыбыт оскуолаҕа уон түөрт эрэ сааһыгар
киирбитэ. Онтон оскуола Чөркөөххө көһөн, салгыы
икки сыл онно үөрэммитэ. Кыра эрдэҕиттэн но-
руот сэһэнин, ырыатын кэрэхсээн истэрэ, олоҥхо-
луу үөрэммитэ. «Оҕо эрдэхпинэ, ону-маны иҥнигэһэ
суох булан-талан, киэргэтэн сэһэргиирим. Баайдар,
ыҥыртаран ылан, уһун түүнү быһа мин кэпсээмминэн
саатыыллара», — диэн ахтар эбит. Төһө да үөрэххэ
хойутаан киирдэр, кыһалҕалаахтык олордор, Чөр-
көөх оскуолатын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ.

    Үөрэххэ дьулуурдаах уолу нэһилиэгин дьоно хар-
чынан-үбүнэн көмөлөһөн, 1910 сыллаахха Дьокуус-
кай куоракка училищеҕа киирэн үөрэммитэ. Была-
тыан бастыҥнык үөрэммитэ. «Платонтан учуонай
тахсыа», — диэн учууталлара этэллэрэ. Кинигэни

                                                                                                                    129
   124   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134