Page 134 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 134

— Ыы-ыы-ыы! Илдьэ бар. Хаалбаппын, — дии-
дии, ытаан санна ыгдаҥныы түстэ.

    Онтон оһох кэннигэр аҕам улахан этэрбэһэ ыйа-
нан турарын сулбу ойутан ылан, балтыбар кэтэрдэн
кэбистим. Ытыыра уурайда. Үөрүүтэ улаатта. От тиэ-
йэ бардыбыт.

    Обургу соҕус оту тиэйэн истибит.
    Мин, суолтан тэйиччи соҕус сиргэ, хабдьыга ту-
һахтааҕым. Ону көрөөрү, оҕуһу тохтотон, кырымах
хаар устун туһаҕым диэки сүүрдүм, кэннибиттэн
балтым саппай уопсан, бу ситиэхчэ буолан иһэр.
Хабдьы иҥнибит буоллаҕына, балтыбын эмискэ үөр-
дүөм диэн ситтэрбэт санаанан, өссө күүскэ түһэн
кэбистим. Сыыры өрө сүүрэн туһахпар тиийэ оҕус-
тум.
    — Хабдьы-хабдьы, — диэн хаһыытаатым. Өйдөөн
көрбүтүм — хабдьы буолбатах, кырынаас эбит. Мин
үтүлүкпүн уһулаат, сыгынньах илиибинэн түстүм.
Илиим уот аһыйда, «айака» диэбиппин кулгааҕым
эрэ истэн хаалла: арай илиибин айахпар батары
биэрэн олорор эбиппин. Туһахпын быһа тардан кэ-
биспиппин. Мин кэлбит суолум устун кырынаас сүү-
рэн тыраҥ ойо турда. Кэнниттэн ыстанным. Туһахха
иҥнэн ыарыыламмыт кырынааһы ситиэхчэ буоллум,
кини да ыксаата быһыылаах.
    Балтым сүүрэн иһэн, иҥнэн, сирэйинэн барда.
Улахан этэрбэһэ туура ыстанна.
    Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, кырынаас,
уун-утары сүүрэн иһэн, куотар эрэл сири булбуттуу,
этэрбэс иһигэр сып гынан хаалла.
    Мин ойон тиийэн, этэрбэс айаҕын саба туттум.
    Ити курдук, дьиктитик бултаан, үөрэн-көтөн дьиэ-
битигэр тиийэн кэллибит.

 134
   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139