Page 139 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 139
ник кыыл үксэ куйахтаах буолар, ол аата эһэ түүтэ
мууһуран, биир кэлимсэ муус куйах буолан хаалар.
— Эн, эһэ таҕыстар эрэ, саанан ытаар, — диэ-
тим доҕорбор. — Бука диэн, хонноҕун аннын… Атын
өттүнэн буулдьанан хотутуоҥ суоҕа. Куйаҕа илиит-
тэн ордук буолар, оттон мин үҥүүбүнэн киирэн
көрүөм. — Инньэ диэн туран, сүнньүөҕүнэн иитил-
либит биир тууркалаахпытын киһибэр биэрдим.
Сэксэҕэ улам чугаһаан истибит. Эмискэччи күтүр
улахан эһэ былтас гына түстэ. Тахсан муус куйаҕа
күн уотугар килбэлдьийэн көһүннэ.
— Ыта оҕус! — диэтим. Киһим уҥуоҕа салҕалас
буолбут. Кэннинэн чугуруҥнаата. Эһэ ойон кэллэ
да, киһим тутан турар туурка саатын туура садьыйан
ылбыта тииккэ охсулунна, саа эстэн дэлби барда.
Эһэ туох да буолбатах, киһибэр ойдо, киһим эһэ
тиийэ илигиттэн сарылаабытынан охтон түстэ. Мин
эһэ хаҥас өттүгэр ыстанным. Кини, уҥа өттүнээҕэр,
хаҥас өттүгэр көнтөрүк буолар. Үҥүүбүнэн хонноҕун
анныгар түстүм. Эһэ орулуурга дылы куһаҕаннык
саҥарда, киһибин үрдүнэн ойдо.
— Ас! — диэтим уонна эһэни кытары сойуолаһан
бардым. Киһим ойон турда да, үҥүүнэн миэхэ түстэ,
сонум эҥээрин хайа аста, эппэр тиийбэтэ быһыы-
лаах. Миигин тоҕо аспытын ыйыталаһар, аахсар кэм
буолбатах, ол иһин киһибин үҥүүлэри кэннибэр ил-
гээт, хаттаан эһэни астым.
Ити кэпсээтэххэ уһун, оттон туһугар — этиэх тү-
гэнэ.
Эһэ улаханнык таптарда быһыылаах, охтон түс-
тэ. Үстэ-түөртэ сири таһыйда уонна утуйбут курдук
барда.
Сааны көрбүтүм — сомуога туллан хаалбыт. Ча-
раас тимирдээх сааны эһэ хам ыстаан баран, тииккэ
охсубут, онно саа эстибит да, хам ыстаммыт буо-
139