Page 140 - Литература 5 кылаас 2 чааhа
P. 140
муттан буулдьата иҥнэн хаалбыт, ол иһин эһэ туох
да буолбатах, айаҕар эстибитэ буоллар…
Мин киһим өссө даҕаны эһэни өлөрбүппүн билэ
илик быһыылаах, илгэн кэбиспит сирбэр олорор.
Тугу эрэ ботугуруур, үтүлүгүнэн сирэйин саба тут-
тубут; чугаһаабыппар, эһэ кэллэ диэтэ быһыылаах,
хараҕын муҥунан көрөн баран, кэдэрги тайанна. Он-
тон миигин билэн, өйдөнөн уоскуйда.
— Хайа, били күтүр? — диэтэ.
— Хайа хайатыгар турара буолуо, күтүр ол «утуйа»
сытар.
Киһим эһэни одуулаата, мин диэки көрөн баран,
акаары баҕайытык сонньуйда.
— Миигин тоҕо астыҥ? — диэтим уонна үҥүүнэн
хайа анньыллыбыт сонум тэллэҕин көрдөрдүм.
— Суох. Эйигин аспатаҕым, эһэни, — диэн боту-
гураата.
— Кутталгыттан өйгүттэн тахсан, мин эйиэхэ эһэ
курдук көстүбүтүм буолуо.
«Куттас доҕор куһаҕан да ээ» дии санаатым.
Тыыннаах тыл
Булт туһунан аҕаҕыт, эһэҕит эбэтэр убайгыт кэп-
сээниттэн суруйан кэлиҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Бу кэпсээннэргэ ааттанар булка сыһыаннаах «Ойуу
тылдьыты» бөлөҕүнэн наардаан (балык, түүлээх, кус-
хаас булда) оҥоруҥ.
Талбыт кэпсээҥҥитинэн сценка туруорарга бэлэм-
нэниҥ.
140